«Тымныы полюһа-Өймөкөөн» марафоҥҥа 50-ча спортсмен кыттыаҕа

Share

Тохсунньу 11-12 күннэригэр Өймөкөҥҥө «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» VI-с кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа дойду 17 эрэгийиэниттэн 50-ча спортсмен кыттыаҕа. Ол иһигэр Красноярскай, Челябинскай, Иркутскай, Балашиха, Москва, о.д.а куораттартан.

Саха сиригэр Өймөкөөн улууһа быдарҕан  тымныыларынан биллэр. Чуолаан Өймөкөөн сэлиэнньэтэ саамай экстремальнай усулуобуйалаах нэһилиэнньэлээх пууннар испииһэгэр киирэр. Марафон араас саастаах, туспа идэлээх успуорт туһугар ыалдьааччылары түмэр, дьулуурдаах, тулуурдаах дьоммут тыйыс тымныыттан чаҕыйбакка, кыһыҥҥы кэмҥэ уһун кэрчиккэ сүүрэн, киһи кыаҕа муҥура суоҕун дакаастыыр тэрээһинэ буолар. Манна Саха сирин 13 оройуонуттан уонна Арассыыйа 16 регионуттан барыта 50 спортсмен кыттыаҕа.

Кыһыҥҥы сүүрүү тохсунньу 11-12 күннэригэр Өймөкөөҥҥө уонна Томторго ыытыллыаҕа. Быйыл марафон Улуу Кыайыы 80 сылыгар, дойдуга Аҕа дойдуну көмүскэччи уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар ананар.

Марафон чэрчитинэн эбии тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Ол курдук, «Аляска-Сибиир» салгын трассатыгар аналлаах төгүрүк остуол буолуоҕа. Онно атын регионнар бэрэстэбиитэллэрэ, историктар, чинчийээччилэр кыттыахтара. Итини таһынан Өймөкөөн оройуонун дойду Арктическай зонатыгар тэҥнииргэ уонна тымныы полюһа официальнай статуһу ылыыга оробуочай мунньах буолар.

Марафон, полумарафон уонна ультрамарафон дистанцияларыгар кыайыылаахтар уонна призердар Куубактары, харчынан бириистэри уонна хаар быһыылаах өйдөбүнньүк мэтээллэри ылыахтара.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Шаман» киинэ премьерата буолла

Тохсунньу 10 күнүгэр "Лена" киинэ тыйаатырыгар "Шаман" диэн Арассыыйа киинэтин премьерата буолла. "Сахафильм" дириэктэрэ Алексей…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыл — Иэйиэхсит ийэ хотун сыла

Саха халандаарынан быйыл Иэйиэхсит таҥара сыла саҕаланна. Бу ыйтан Иэйиэхсит ийэ хотун түһэр. Кини сылаас…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Дыгын оонньуулара: Уус Алдан улууһугар чөмпүйүөн Куубага ыытыллыаҕа

Уус Алдан улууһа национальнай многоборьеҕа чөмпүйүөн Куубагын ыытарга бэлэмнэнэр. Күрэхтэһии Дыгын оонньууларыгар иккис сүүмэрдиир түһүмэҕэ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сииттэлэр саҥа сылы сэргэхтик көрүстүлэр

Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев 2024 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕар олохтоохтор тоҕуоруһа муһуннулар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр

Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгэр Кыайыы знамятын көрүстүлэр. Ол туһунан…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа

Бу сыл тохсунньу 11 күнүттэн «Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан 206 нүөмэрдээх маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа. Бу туһунан «Чурапчы…

5 часов ago