Тыымпы мелодистарын ырыалара — биир чаҕылхай кэнсиэркэ (видео)

Share

Бу күннэргэ  Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар эмиэ  биир ураты туруоруулаах, дьиҥ сахалыы тыыннаах кэнсиэрт буолла.

«Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл куруук киһини кэрэхсэтэр булумньулаах, чуолаан араас тиэмэҕэ анаммыт кэнсиэри көрөөччүлэригэр бэлэхтиир үтүө үгэстээх. Кинилэргэ ырыаһыттар толорууларын эрэ көрө-истэ эрэ буолбакка,  хайаан да ханнык эрэ “кинигэни”  арыйарга, биир эмэ ырыанан испэктээккэ  дууһаҕынан киирэргэ бэлэмнэнэн кэлэҕин. «Туймаадалар» бу да сырыыга дьоһуннаах бырайыакка ылсыбыттар. Ол курдук, «Мин дойдум» кэнсиэри Бүлүү куорат 390 сылын көрсө  Тыымпыттан төрүттээх ааптардар ырыаларынан туруорбуттар. Онтон Тыымпы диэн тылы иһиттибит да, көрөөччүлэр саха норуотун тапталлаах ырыаһыттарын Алексей Егоровы, Аскалон Павловы, Павел Семеновы, кини быраатын Степан Семеновы, Василий Еремеевы уо.д.а. саныы түһэбит.

«Туймаадалар» куорат көрөөччүлэригэр тахсыахтарын  иннинэ Тыымпыга тиийэн кэнсиэртээн, кинилэр махталларын ылан кэлбиттэр. Бүлүү улууһун 1 Тоҕус нэһилиэгин дьаһалтатын  Махтал суругар этиллэринии, «киһи кутун, дууһатын кылын таарыйар ис иэйиилээх ырыаларын  иэйэ-куойа, кэрэхсээн истибиттэр, дуоһуйбуттар, долгуйбуттар».

Муус устар 18 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар кэнсиэрт саҕаланыытынан Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров:

«Сибиир уонна Уһук Илин биир кырдьаҕас куората -– Бүлүү куорат 390 сылыгар анаан кэнсиэрт туурун оҥорбуккутугар махтанабыт. Бүлүү  култуураҕа үгэстэринэн олус баай. Бүлүү артыыстара, бэйиэттэрэ, мелодистара  уонна ырыаһыттара өрөспүүбүлүкэ култууратын уонна ускуустубатын, саха эстрадатын сайдыытыгар  кылааттарын киллэрбиттэрэ. Бүлүү ааптардарын үгүс ырыалара бары кэмнэргэ уостан түспэт хит-ырыаларынан буоллулар, кинилэр ырыаларын Саха сиригэр саамай киэҥник биллэр «Туймаада» ансаамбыл толоруута биһиэхэ улахан бэлэҕинэн буолла. Эһиги үбүлүөйдээх тэрээһиннэрбитигэр улахан кылааты киллэрбиккитин үрдүктүк сыаналыыбыт», -– диэн бэйэтин эҕэрдэтин СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Светлана Иванова салайааччылаах «Туймаада» судаарыстыбаннай ансаамбылга тириэртэ. Сыанаҕа Тыымпы  ырыаһыт, мелодист эр дьоно уонна Василий Еремеев кыыһа Мичийэ таҕыстылар, кинилэргэ барыларыгар сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Кэрэчээн Мичийэ аҕатын репертуарыттан ырыаны толорон, көрөөччүлэри долгутта.

Биир эрэ нэһилиэктэн, ол эбэтэр Бүлүү улууһун Тыымпы сэлиэнньэтиттэн тахсыбыт мелодистар эрэ кэнсиэртэрэ диэтэххэ, дьэ элбэх ырыа айыллан, күн бүгүҥҥэ диэри уостан түспэккэ сылдьарын сөҕөҕүн да, астынаҕын даҕаны. Туох эрэ ураты тыыннаах сир буолан бачча элбэх талааннаах  ааптар, ырыаһыт тахсыбыт ис кистэлэҥин, таайыытын билиэххин баҕара саныыгын…

Бу кэнсиэркэ кылгас кэмҥэ ыллаан-туойан, айан-тутан ааспыт Степан Семенов ырыаларын көрөөччүгэ санаппыттара махталлаах. Кини  «Таайымаҥ тапталы» ырыатын СӨ үтүөлээх артыыската Лина Акимова толоруута кыыһа Сайсары толоруутуттан эмиэ атыннык иһилиннэ. «Барыта ааспыта» ырыаны эдэр ырыаһыт Василий Власьев гитаранан бэрт истиҥник толордо. «Сүрэҕим баҕарбат» ырыатын кыргыттар квинтетынан толордулар. Степан Семенов ырыаларын көрөөччү умнубатах —  көрөөччү дууһатын таарыйбыт ырыа диэн бу буоллаҕа.

Павел Семенов ырыаларын ансаамбыл кыргыттара уонна эр дьоно хас да куоласка арааран ыллаатылар.

Аскалон Павлов ырыаларын толоруу саҕаламмытыгар көрөөччү дьэ тэтимнээх, ньиргиэрдээх ырыалары истэргэ бэлэм курдуга. Онтон бу сырыыга кини ырыалара олус истиҥник, иэйиилээхтик, арыый наҕыллык толорулуннулар.

Кэнсиэрт Алексей Егоров ырыаларынан түмүктэннэ.  Егоровтар ырыаларын “Туймаада” бэйэтин репертуарыгар киллэрэн ыллаабыта быданнаабыт буолан, көрөөччү истэ үөрэммит, бары ыллаһа олордулар.

Ансаамбыл ырыаһыттарын көстүүмнэрэ, биир тэҥҥэ хамсанан үҥкүүлүүллэрэ, бары олус кэрэ көстүүлээхтэрэ көрөөччүнү астыннарар. Бу барыта —  элбэх  сыраны эрэйэр бүтүн кэлэктиип кыһамньылаах үлэтэ (көрөөччү хараҕар көстүбэт өссө төһөлөөх үлэһит илиитин сылааһын биэрбитэ буолуой?).

“Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл  саха мелодистарын ырыаларын тарҕата, көрөөччүгэ тириэрдэ сылдьар толорооччулартан биир бастыҥнара. Кинилэр  репертуардарыгар, биллэрин курдук, нуучча, омук  ырыалара эмиэ бааллар. Онон өрөспүүбүлүкэ таһыгар эмиэ кинилэри ытыс үрдүгэр көрсөллөрүнэн киэн туттабыт.

Бу кэнсиэри аһымал кэнсиэр быһыытынан толору ааттыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, «Якутия с тобой» уопсастыбаннай хамсааһын кыттыылаахтарыгар,  байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр босхо билиэттэри бэлэхтээн, кинилэри ис дууһаттан сынньаттылар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

9 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

10 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

10 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

11 часов ago