Түүн атын олох саҕаланар…

Share

“Росгвардия” Саха сиринээҕи салаатын тэрилтэлэри харабыллыыр управлениета уопсастыбаннай бэрээдэги кэһии түгэнигэр, суһал сигнал киирдэ даҕаны аҕыйах мүнүүтэнэн тиийэр. “Росгвардия” байыастарын үлэтэ хайдаҕын иһиттэн билээри, бу күннэргэ түүҥҥү эриэйдэҕэ сырыттым.

Симиэнэ – биир суукка

Симиэнэ биир суукка уһуннаах. Үлэһиттэр бастаан бэйэлэрин салааларыгар инструктаж ылаллар. Хас биирдии экипаж туспа маршруттаах. Биһиги маршруппут Дьокуускай куорат 17-c кыбартаалыгар этэ. Эриэйдэҕэ полиция батальонун 1 ротатын 2 взводун полиция прапорщига Иван Викторович Оконешников уонна полиция старшай сержана Денис Валерьевич Филиппов буолан сырыттыбыт.

Быһылаан тахсар түгэнигэр, холобур, киһи олоҕор куттал суоһуур, баһаар о.д.а. араас быһыы-майгы таҕыс­таҕына, “Росгвардия” үлэһиттэрэ суһаллык хамсаналлар. Ордук түүҥҥү кэмҥэ, чуолаан бээтинсэ-өрөбүл күннэргэ элбэхтик суһал сигнал киирэрин үлэһиттэр кэпсииллэр. Суһал сигнал анал кунуоп­каларын түүҥҥү кулууптар, маҕаһыыннар, сауналар, эрэстэрээннэр, ону сэргэ чааһынай дьиэлэр, оннооҕор кыбартыыралар кытта туруор­тараллар эбит. Патруль массыынатын иһигэр олордоххо, араассыйанан сигнал тыаһа оргуйан олорор. Куорат оро­йуоннарынан арахсан үлэ­лиир экипажтар сигнал киирдэ даҕаны бронированнай сэлиэт, көмүскүүр шлем кэтэн тиийэл­лэр.

Түүҥҥү Дьокуускай күлүмнэс уота…

Омос көрдөххө, куорат түүн утуйар курдук. Ол эрээри массыыналар тохтообокко сүү­­рэллэр, түүҥҥү Дьокуускай күлүмнэс олоҕо үгүс киһини угуйар. Түүн атын олох саҕаланар. Кэлии-барыы элбиир, суксуруһуу үксүүр. Биһиги куорат пааркатын кэтэх өттүнэн киирэн эргийэн таҕыстыбыт. Ардыгар маннык бүөм сирдэргэ араас дьон мустан иһэр-аһыыр, араас быһылаан да тахсыан сөбүн туһунан кэп­сээтилэр. Салгыы 17-c кыбар­таал Пионерскай, Строителлэр уулуссаларынан айаннаатыбыт. Сатыы сылдьар дьон элбэх. Түүннэри ас-үөл атыылыыр маҕаһыын таһыгар испит-аһаа­быт үс-хас киһи турарыгар тохтоотубут. “Росгвардия” үлэһиттэрэ уорбалыы санаабыт дьоннорун бэрэбиэркэлиир эбээһинэстээхтэр. Ардыгар маннык бэрэбиэркэлии сылдьан суһал ирдэбилгэ сылдьар да дьону булуохтарын сөп. Мин көрдөхпүнэ, уулусса устун итирик дьон тэйбэҥнэһиитэ ач­­чаабыт курдук.

Салгыы айдаанынан аатырбыт кыбартаал түүҥҥү кулууптарын таһыгар тиийэн турдубут. Таксыылар биирдиилээн дьону аҕалан хааллараллар. “Росгвардия” үлэһиттэрэ этэллэринэн, кулуупка бастаан бары бэрт сэргэх уонна бэйэ бодотун тардынан киирэллэр эбит. Онтон кулууптаан бүтэн баран тахсыыларыгар сорохтор итирэн-кутуран охсуһаллар, айдаарсаллар эбит. Ити быһа холоон, сарсыарда түөрт, биэс саҕана буолар үһү.

Айдаан арыгыттан тахсар

Бээтинсэ түүн бэрт чуумпутук саҕаланна дии саныахпыт эрэ кэрэх, түүн икки чаас саҕана “Хиллс” диэн эрэстэрээнтэн сигнал киирбитэ. Манна икки эр киһи охсуһан айдааны тардыбыттар. Ол түмүгэр биир киһи дьыала салгыы быһаарыллыар диэри полиция са­­лаатыгар илдьиллибитэ, иккис – мэдиссиинэ суһал көмөтүн биригээдэтигэр тиэрдиллибитэ. Ити кэннэ түүн үс чааһы ааһыыта аны “Крыша” диэн эрэстэрээнтэн сигнал киирбитэ. Бэйэлэрин икки ардыгар кыыһырсан турбут дьон миэс­тэтигэр эйэ-дэмнээхтик бы­­һаарсыбыттар.

Бу айдаан-куйдаан, дьон эмсэҕэлээһиннээх быһылаан­нар барыта арыгыттан тахсалларын дьон билигин да өйдөөбөт. Итирбит киһи иирбит кэриэтэ, бэйэтин сатаан туттуммат, бас-баттах барар, кэрээниттэн тахсар.

Эриэйдэҕэ сылдьыбыт түүммэр 5 киһи арыгы иһэн, айдааны тардан тутуллубута. 1 киһи суһал мэдиссиинэ көмөтүгэр тиэрдиллибитэ.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
4
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

2 часа ago