Тыыннаах хаалар туһугар. Тииһинэн да, быһаҕынан да…

Share

Саха сириттэн сылдьар Арассыыйа байыаһын уонна ВСУ саллаатын кытаанах киирсиилэрин туһунан Арассыыйа военкордарын Telegram-ханаалларыгар түргэнник тарҕаммытын туһунан АИФ суруллар.

Утарылаһааччы байыас илдьэ сылдьыбыт камератыгар, тыыннаах хаалар туһугар тыын-тыыҥҥа харбаһар кытаанах хапсыһыы аҕыс мүнүүтэ устатыгар уһуллан хаалбыт. Онно ытыалаһыылаах, граната кыыратыылаах, быһаҕынан киирсиилээх, бэл, тииһинэн кытары хадьырыйсыылаах ынырыктаах киирсии уһуллубутун туһунан суруллар. Утарылаһааччы орто дойдуттан бараары сытан, саха байыаһын туохтан да толлубат хорсун-хоодуот, самныбат саргылаах саллаат диэн билиммит. Уһуллубут видеоны военкордар 18+ диэн бэлиэтээбиттэр. Иэдээннээх хапсыһыыттан тыыннаах ордубут Саха сирин байыаһа көстүбүт, кини билигин эмтэнэ сытар диэн суруйаллар.

Бу байыас буолуон сөп диэн АИФ суруллар. Хаартыска соцситимтэн ылыллыбыт.

Урусхалламмыт нэһилиэнньэлээх пуунунан иһэр ВСУ саллаата биир дьиэни көрөн, бэрэбиэркэлээн баран, атын дьиэҕэ баран эрэрин туһунан рациянан этэриттэн видео саҕаламмыт. Каадырга аптамааттаах сылдьара көстүбүт. Үөмэн биир кэтэх дьиэ күрүөтүгэр чугаһаабыт кэмигэр, түннүктэн эмискэ тиҥиргэччи ыталлар.

ВСУ саллаата хаһыыты түһээт охтор уонна утары ытыалыыр. Гранатаны ылан иһирдьэ кыыратар эрээри, ити кэмҥэ таһырдьа ыстанан тахсыбыт Арассыыйа байыаһын кытары уун-утары харса түһэллэр. Байыастар киирсиилэрин кэмигэр каадырга Саха сирин былааҕын санатар бэлиэ элэс көстөн ааспыт. Дьэ, ити курдук хабыр хапсыһыыга ВСУ саллаатын быһаҕын хорсун байыас сыгынньах илиитинэн биититтэн харбаан ылаат, утарылаһааччытын тарбахтарыгар тииһинэн түспүт.

Бу уһуллубут видео тарҕаммытын кэнниттэн, Арассыыйа военкордара бу байыас буолуон сөп диэн Саха сирин байыаһын хаартыскатын бэчээккэ таһаарбыттарын АИФ бэлиэтиир. Телеведущай Руслан Осташко иһитиннэрбитинэн, билигин байыас госпитальга эмтэнэ сытар диэн суруллар.

What’s your Reaction?
+1
62
+1
3
+1
0
+1
3
+1
2
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

11 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

12 часов ago