Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордарын сүбэтин чилиэнэ, саха эдэр бэйиэтэ, Дьааҥы Элгэһин уола Василий Рожин Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн баран, ытык иэһин толоро сылдьан, өстөөх буулдьатыгар таптаран, дьоруойдуу охтубутун туһунан соһумар сонун бу аҕыйах хонуктааҕыта кэлбитэ…
Нарын иэйиилээх, уран тыллардаах, олоҕу дириҥник анаарар хоһооннордоох бэйиэт уолу биир дойдулаахтара, айар эйгэ дьоно улаханнык курутуйа иһиттилэр, саҥа арыллан испит хаарыан талааны аһыйдылар… Хоһоонноро куйаар ситиминэн тилийэ көтөн, үгүс сүрэҕи долгуттулар.
Онтон, арай, Василий Рожин бэйэтэ суруйбутун курдук хоһоон тиийэн кэллэ. Бу хоһоону эдэр ааптар, прозаик Сардаана Корякина суруйбут. Хоһоон хайдах суруллубутун туһунан кини бу курдук кэпсээтэ:
— Чаҕылхай уот күлүмүн курдук сырдыгынан сыдьаайан, киппэ көрүҥнээх, сытыытык дьөлүтэ көрүтэлээбит уол оҕото сааскы ылааҥы күн Дьокуускай куорат «Фудзияма» эрэстэрээнин иһигэр киирэн кэлбитэ. Мин кинини ол күн маҥнайгыбын илэ көрбүтүм. Онно биһиги, эдэр суруйааччылар, бииргэ эбиэттээри болдьоһон мустубуппут. Күлэн-үөрэн, биир үтүө күммүтүн бииргэ атаарбыппыт.
Оо, онно хантан билиэхпитий Дьылҕа Хаан араастаан ытыйыан?! Кылгас да кэмҥэ кинилиин илэ көрүстэрбит, күнүн ахсын “батсаап” ситимигэр билсэ, сонуммутун үллэстэ олорбуппут. Сэриигэ барарын эмиэ бары билэрбит. Үгүс кэрэ аҥаар сүрэҕин долгуппут уолчааны кыыс аймах тохтото сатаабытын, ама, истиэ дуо? «Дойдум туһугар», — диэн биир тыллааҕа.
Вася Рожины Бронсон диирбит, ураты сытыы тыллаах хоһооннорун аахпыт эрэ сэргиирэ, хайгыыра. Уот тыллаах уол рэп ааҕан соһуталыыра, ырыа ыллаан барара. Кини көрдөөх тыллара айар куттаах доҕотторбутун тута сэргэхситэрэ, бөлөхпүт иһэ «тиллэ» түһэрэ. Биир тарбахха баттанар, элбэҕи эрэннэрэр, саамай чулуу уолбутун сүтэрэн, бары наһаа да хомойдубут. Итэҕэйбэппит…
Кини туһунан ыарахан сонуну истэн, олус аһыйан, ытамньыйан, ол түүн уум кэлбэккэ сытан, арай, хараҥа хоһум иһигэр кини сөҥ, хойуу куолаһын истэргэ дылы буолбутум… «Аһыйа көрүмэ эн миигин… букатын барда диэн ытаама…” — диэн куолас иһиллибитэ. Салгыы хоһоон тыллара кулгаахпар быыстала суох кутуллубуттара, мин нэһиилэ ситэн суруйан эрэ испитим…
Хоһоону ааҕан баран, ийэтэ суруйбут: “Оҕобун кытта алтыһан, билсэн сылдьыбыккытыгар махтанабын. Сардаана хоһоонун аахтым, Вася истиилигэр наһаа маарынныыр, олох дууһабытын уйадытта, сөпкө да суруйбут… Сардаана олох оҕобут бу баарын, саҥаран эрэрин санатар хоһоону айбыт…”
Чахчы, хоһоон Василий Рожин истиилинэн суруллубут. Эдэр бэйиэт бар дьонун, күн сирин кытары бырастыылаһар, эппэккэ хаалбыт тиһэх тылларын аныыр курдук. Кини тугу да кэмсиммэтин, кый ыраах биллибэт үрдэлгэ баарын туһунан тыллара уоскутарга дылылар…
* * *
Аһыйа көрүмэ эн миигин,
Букатын барда диэн ытаама,
Тыыннаахпын суруйбут тылларбар,
Иһиллиэм хас биирдии дорҕооммор…
Кэннибэр мин ааспыт олохпор,
Сайыһа хаалбыта доҕорум,
Баар этэ мин кылгас олохпор
Имэҥнээх, ып-ыраас тапталым…
Хаарыаннаах харахтар ытаамаҥ,
Ийэлээх аҕаккам баалаамаҥ,
Билэрим сотору бүтэрин
Сир-халлаан анныгар кыргыһыым…
Кэмсинэр диэн тугун билбэтим,
Хорсуннук өстөөхтүүн кыргыстым,
Хаанынан оҕуолуур сир иэнин
Харааста, аймана көрбүтүм…
Билигин мин билбэт үрдэлбэр
Кый ыраах кытыастар чүмэчим
Ыллыгы ойуулуу угуйан
Таас Дьааҥым үрдүнэн кытарар…
Аһыйа көрүмэ эн миигин,
Букатын барда диэн ытаама,
Тыыннаахпын суруйбут тылларбар,
Иһиллиэм хас биирдии дорҕооммор…
САРДААНА.
Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …