Тыыннаахтар сибэтиэй иэспит…

Share

Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт уодаһыннаах иккис сэрии, олорон кэлбит олохпут хаанынан суруллар хара кэмнэрэ, төһөнөн ыраатан, күн-дьыл, кэм-кэрдии өксүөннээх бүрүөһүнүнэн бүрүллэн, туман буолбут хонуктар тумулларын кэтэҕэр хааллаллар, оччотооҕу сэбиэскэй норуот, аҕа көлүөнэ дьон дьоруойдуу хорсун быһыылара, кинилэр сырдык ааттара, өйдөбүллэрэ өссө чугаһаан, күндүтүйэн устуоруйа кинигэтигэр өлбөөдүйбэт көмүс буукубаларынан суруллаллар.

Арассыыйа гражданнара Ийэ дойдуларын көҥүлүн иһин фашистскай халабырдьыттары утары хабыр кыргыһыыга туруммут, сырдык тыыннарын толук уурбут биир дойдулаахтарын кэриэстииллэр. РФ бастакы бэрэсидьиэнэ Б. Н. Ельцин 1996 сыл бэс ыйын 8 күнүнээҕи 857 №-дээх Ыйааҕынан Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыт күнэ — бэс ыйын 22 күнэ дойду үрдүнэн Кэриэстэбил, кутурҕан күнүнэн биллэриллибитэ. Бу күн сэбиэскэй кэмнээҕи бырааттыы дойдулар үгүстэрэ судаарыстыбаннай былаахтарын хоҥкуталлар, араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн араас көччүтэр бырагыраамалары, шоу-биэриилэри, көрдөрүүлэри, култуура тэрилтэлэригэр итинник тэрээһиннэри тохтотоллор. Улууканнаах кыайыыны турууласпыт сэрии, тыыл дьоруойдарын үйэтитэр Мэҥэ бэлиэлэргэ, мемориалларга дьон-норуот тоҕуоруһан төбөтүн хоҥкутар, кэриэстээн, махтанан, сибэтиэй дьонун сырдык ааттарын ааттаан, үйэлэргэ умнуллубат өйдөбүл, ситим бэлиэтэ тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурар.

82 сыл анараа өртүгэр, бэс ыйын 22 күнүгэр сарсыарда эрдэ, өрөбүл күннэригэр түүллэригэр да баттаппакка утуйа, сынньана сытар эйэлээх олохтоох сэбиэскэй дьон үрдүлэригэр сайыҥҥы ыраас халлааны сабардаан, хара былыт курдук халыйан тахсыбыт өстөөх сөмөлүөттэрэ өлөрүүлээх-өһөрүүлээх “буомба ардаҕын” түһэрбиттэрэ. Фельдмаршал Гудериан таанкабай сэриитэ тоҕо ааҥнаан, дэриэбинэлэрбитин, куораттарбытын урусхаллаан, тимир тиҥилэхтэринэн Ийэ сирбитин хас эмэ сүүһүнэн биэрэстэнэн үлтү тибилийэн өтөн киирбитэ.

Аҥаардастыы сабардыыр, күөнтүүр санаалаах

Европа дойдуларын “хаардыы хааман”, аан дойдуга аҥаардастыы күөнтүүр, сабардыыр санааламмыт Гитлер “Барбарос былаанын” олоххо киллэрэн 3 мөлүйүөн кэриҥэ ахсааннаах, “тииһигэр диэри” сэбилэммит аармыйатын тус илин хайыһыннаран, бэрт кылгас болдьох иһигэр Сэбиэскэй ийэ дойдубутун Москванан нөҥүөлээн Урал хайаларыгар диэри үлтү тибилийэн, судаарыстыба быһыытынан суох оҥоруохтааҕа. Биир күдьүс нуучча омугунан ааттаан Арассыыйа бырааттыы норуот-

тарын кэрээнэ суох кырган, сир үрдүттэн симэлитиэхтээҕэ. Урал хайатын, Сибиир стратегическай барҕа баайын, модун кыаҕын “үрүҥ раса” ариецтар баһылыахтаахтара. Сэбиэскэй Сойууһу утары фашистскай Германия бас бэриммит куомуннаахтара Румыния, Италия, Словакия, Финляндия, Венгрия, Норвегия сэриигэ туруммуттара.

Гитлер “Барбарос былаана” туолбатаҕа

Ол эрээри, Гитлер “тиистэрин алдьаппыта”, кини санаатынан, былаанынан буолбатаҕа. “Биһиги Ийэ дойдубутун көмүскүүбүт, биһиги дьыалабыт кырдьыктаах. Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!” — диэн модун санааны ылынан, өстөөх соһуччу, өмүтүннэрэн саба түһүүтүттэн кыатанан, түмүллэн сэбиэскэй норуот фашист халабырдьыттарыгар суоһарыылаах утарылаһыыны оҥорбута. Аҥардастыы “хаардыы хаамар” кыайыылаах-хотуулаах санааларын булгуруппута, муостарын тоһуппута. Бэс ыйын 22 күнүгэр ССРС судаарыстыбаннай кыраныыссатыгар аан бастакынан өстөөх уодаһыннаах кимэн киириитин доҕолоҥноппут, Брест кириэппэһин көмүскээччи пограничниктар, Кыһыл Аармыйа чаастара, фашистар сэриилэрин кэтэхтэригэр буола түһэн, ыйтан ордук кэмҥэ бэриммэккэ дуолан утарылаһыыны оҥорон, геройдуу быһыы чахчы холобурун көрдөрбүттэрэ. Брест кириэппэһин бүтэһик майор Гаврильев хамаандалыыр этэрээтэ сэрии саҕаланыаҕыттан атырдьах ыйын саҥатыгар диэри сэриилэспитэ. Өстөөх 45‑с пехотнай дивизиятын докумуоннара көрдөрөллөрүнэн, Брест кириэппэһин ылаары дивизия 1,5 тыһыынча саллаатын, эписиэрин сүтэрбит. Герой-кириэппэс көмүскэлигэр 2 тыһыынча сэбиэскэй буойун дьоруойдуу охтубут, 7 тыһыынча курдук киһи билиэн түбэспит. Бу Аҕа дойду Улуу сэриитин хааннаах устуоруйатыгар ааттара-суоллара бастакынан хаанынан суруллубут дьоруойдар, улуу сэрииһиттэр сырдык өйдөбүллэрэ үйэлэргэ өлбөөдүйбэт, кэриэстэнэр.

90‑ча тыһыынча киһи ыар сүтүктэнэн…

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирин олохтоохторо актыыбынай кыттыыны ылбыттара. 1941–1945 сылларга 18 киин улуустартан 62509 киһи талабырдьыт фашистары утары кырыктаах кыргыһыыга кыттыбыта. Кинилэртэн 37 тыһыынчаттан тахса буойун Ийэ дойдуларын көҥүлүн иһин дьоруойдуу охтубуттара, олохторун толук уурбуттара. Бэйэбит да, оччолорго, 300‑тэн эрэ тахса тыһыынча ахсааннаах саха омукка кыргыс хонуутугар, тыылга 90‑ча тыһыынча киһини сүтэриибит сэриигэ кыайыы хайдахтаах ыар сүтүгүнэн, сиэртибэнэн ситиһиллибитин туоһулуур.

Аҕа дойду сэриитин устуоруйатыгар Ильмень күөллээҕи кыргыһыы, биһиги туспутугар, абалаах, хараастыылаах трагедиянан буолбута. 19‑с туспа хайыһар биригээдэтин састаабыгар киирэр 597 буойуну ханнык да көмүскэлэ, өйөбүлэ суох, көрөн туран, ыраас мууска үүрэн киллэрэн буомба, сэнэрээт “аһылыга” оҥорбуттара. 200‑н тахса биир дойдулаахтарбыт суорума суолламмыттара.

Ыраах тыылга да, ыар олох өлүү-сүтүү аргыстааҕа. Кыргыһыы толоонуттан атына суоҕа. “Барыта — фронт туһугар, барыта — кыайыы туһугар!” булгуруйбат санаалаах, хоргуйан, дьэҥкэрэн өлүөхтэрэ да буоллар, сэриигэ барбыт эр дьоннорун солбуйан ыар үлэҕэ ыга баттаппыт, ол эрээри кыайыыга эрэллэрин сүтэрбэтэх ийэлэрбит, эбэлэрбит барахсаттар ыстахаанабыстар, тыыл саллааттара этилэр. Хотоҥҥо, буолакка, ходуһаҕа, тайҕаҕа сырдык тыыннара быстаахтыыра. Нэһилиэктэргэ ыал ыалынан эстээхтиирэ. Кураайы Чурапчы холкуостарын ситэ дьаһайбакка, тэрийбэккэ балыктата хоту көһөрүү 1736 киһи сырдык тыыныгар турбута саха дьонун трагедиятынан буолбута. Сэрии уоттаах толоонугар, тыыл ыар олоҕор охтубуттар сырдык дууһаларын Үрүҥ айыылар араҥаччылааннар, туруйа кыыл тыыннаан сылын аайы Сахаларын сирин халлааныгар турууктата көтүтэллэр. Тыыннаахтар, умнумаҥ, кэриэстээҥ диэн санаталлар.

Европанан, Монгол, Кытай сирдэринэн

Сэрии толоонугар саха саллаата саппыкытын суолун хаалларбатах, хара хаанын тохпотох, сибиниэс ардаҕын аннынан атаакаҕа киирбэтэх сирэ суох. Сахалар дьоруойдуу охсуспут албан ааттаах суоллара Москва, Сталинград анныттан саҕаланан, бары фроннарга, туһаайыыларга быһаарыылаах хабыр хапсыһыыларга кыттан, өстөөх арҕаҕар — Берлиҥҥэ тиийэн түмүктэммитэ. Биһиги биир дойдулаахтарбыт, саха буойун дьонун сибэтиэй кырамталара киэҥ Европанан, Монгол, Кытай сирдэригэр тиийэ ыһыллан сытаахтаатахтара. Уопсайынан, 1418 түүннээх-күн устата барбыт Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Сэбиэскэй Сойуус 27 мөлүйүөн кэриҥэ киһитин сүтэрбитин устуоруйа чахчыта бигэргэтэр.

Бириэмэ, күн-дьыл түргэнник ааһар, олох улары­йар, инники хардыылыыр. Олох утума салҕаныахтаах, ситимэ быстыа суохтаах. Ол да иһин аан дойду иккис сэриитигэр Ийэ дойдуларын көҥүлүн турууласпыт, норуот­тарын, кэнэ­ҕэски кэскиллэрин көмүскээбит аҕа көлүөнэ дьоммутун, устуоруйабытын үйэтитэргэ дойду үрдүнэн Кэриэстэбил, кутурҕан күнэ олохтонноҕо.

Иван Ксенофонтов‑Силиги.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

2 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

3 часа ago