Түүҥҥү кулуупка дьону ытыалаабыт киһини туттулар
Олунньу 18 күнүгэр Нерюнгри куоракка “Тайга” түүҥҥү кулуупка биир эр киһи травматическай бэстилиэтинэн ытыалаабытын туһунан суһал иһитиннэрии киирэн, полиция үлэһиттэрэ быһылаан тахсыбыт сиригэр тута тиийбиттэр. Бу туһунан Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.
Быһылааҥҥа буруйдаах киһини, урут сууттана сылдьыбыт 44 саастаах Нерюнгри куорат олохтооҕун тута туппуттар. Силиэстийэ көрдөрбүтүнэн, эр киһи “Тайга” кулууп ыалдьыттарын кытта тыл тылга киирсибэккэ охсуспуттар. Онтон абаран эр киһи таһырдьа массыынатыгар тахсан «травмат» бэстилиэтин ылбыт. Кулуупка киирэн охсуспут дьонун диэки туһаайан хаста да ыппыт уонна куоппут. Икки киһи эчэйиини ылан, балыыһаҕа көрдөрбүттэр.
Бу быһылааны силиэстийэлээһин түмүгэр, РФ Холуобунай кодексын 213 ыстатыйатынан (“Күлүгээннээһин”) дьыала көбүтүллүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: