Түүр омуктар эпостарын «Мэҥэ тойук» кинигэтэ сүрэхтэннэ
“Айыы кыһата” оскуола аактабай саалатыгар “Мэҥэ тойуктар” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бу кинигэҕэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков сахалыы тылбаастаабыт башкирдар, алтаайдар, кыргыыстар, тывалар эпостара талыллан киирбиттэр.
Ол курдук, кыргыыстар “Манаас”, алтаайдар “Маадай Хара”, башкирдар “Ураал Баатыр”, тывалар “Кунан Хара” эпостарын тылбаастаабыт. Бу кинигэ уратыта диэн — кээмэйэ дьоҕус, айымньылартан талыллыбыт кэрчиктэр киирбиттэр, онон киэҥ ааҕааччыга анаммыт.
Түүр тыллаах уруулуу омуктарга түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит сүдү баайдарын – эпостарын хардарыта тылбаастаһыы үлэтэ саҕаламмыта. Бу хамсааһыны төрүттээбит киһинэн Александр Жирков буолар. Онон биир айымньыны хас да киһи тылбаастаабыт көрүҥнэрэ баар буоллулар.
Дьоро киэһэни арыйар түгэҥҥэ Александр Жирков бу курдук кылгастык быһааран кэпсээтэ:
— Арассыыйаҕа түүр омуктар эпостарын тарҕаныылара бэрт бытаан. Бу маны бэйэбит түөлбэбитигэр эрэ хаайтарбакка, атын тылларга тылбаастаатахпытына эрэ, тарҕатар кыахтаахпыт. Олоҥхо туһунан этэр буоллахха, урут экспедициялар сылдьан ааспыт сирдэригэр эрэ түбэспит олоҥхолор нууччалыы тылбаастаммыттара. Онтон атыттар тылбаастаныахтааҕар, бэчээттэнэ да иликтэр. Архыыпка да буолбатах, Гуманитарнай чинчийии институтугар харалла сыталлар. Бу федеральнай тэрилтэ буолан, билигин ол олоҥхолору улахан харчыга эрэ көрдөрөллөр, онон олоҥхону тарҕатыыга көмө буолуохтааҕар, атахтыы сыталлар диэн санаалаахпын. Куһаҕан да үчүгэйдээх, балыыһаҕа сытан, бириэмэ булан, дуоһуйа тылбаастаатым. Уруулуу омуктар эпостарбыт тыллара-өстөрө, тутуллара майгыннаһаллар. Холобур, бу уу сахалыы толкуйдаах, тыллаах-өстөөх айымньы буолбатах дуо? — диэн баран, Александр Николаевич “Манаас” эпостан тылбаастаабытын быһа тардан ааҕан иһитиннэрдэ.
Култуура, духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Ноев:
— Александр Николаевич саха олоҥхотун үйэтитиигэ дьаныһан үлэлээбит үлэтин, олоҕун биир кэрчигэ буолар. Кини 2010 сылтан »Бичиги» кытта сүҥкэн үлэни ыытта. Олоҥхобут сиэрийэ быһыытынан тахсан, үйэтилиннэ. Түүр омуктар эпическэй айымньылара тарҕаныыларыгар ураты суол арылынна. Хардарыта тылбаастаһыы олохтонно. Ол биһиги киэн туттуубут буолар. Бырааттыы омуктарбыт бэйэ-бэйэлэрин мэҥэ тойуктарын билэр буолуохтара. Былыр историябыт биир этэ, тылбыт төрдө биир. Александр Николаевич маннык үлэни саҕалаабытын норуотугар сүҥкэн кылаат быһыытынан ааҕабын, — диэн баран, Ил Дархан эҕэрдэтин ааҕан иһитиннэрдэ.
Василий Илларионов, учуонай, олоҥхону үөрэтээччи:
— Александр Николаевичтыын бииргэ алтыһан үлэлээбиппит 40-ча сыл буолла. Аан дойду эпостарын хардарыта тылбаастааһын туһунан бастакынан тыл көтөхпүтүн, түүрдэр кэмпириэнсийэлэригэр бэркэ сэргээбиттэрэ. Үлэ күүскэ барбыта. »Ньургун Боотуру» тывалыы, алтаайдыы, кыргыстыы тылбаастаатылар. Бу манан икки куобаҕы өлөрөбүт. »Ньургун Боотур” олоҥхобут түөрт тылынан тылбаастанан тахсара тобулунна, билигини икки тылбааһа оҥоһуллан, бүтэн эрэр. Александр Жирков тэрийээччи эрэ буолбатах, тылбаастары сыныйан көрөр, бэйэтэ тылбаастыыр, үүнэр көлүөнэ тылбаасчыттарга үтүө холобур буолар. Уу сахалыы, саха киһитэ толкуйдуурун курдук сааһылаан, тобулан таһаарар. Билигин университекка тылбаас салаатыгар хакаастар эпостарын тылбаастыы сылдьабыт, ону тэҥэ, казахтар эпостарын тылбаастыырга олук уурулунна. Кинини кытта бииргэ үлэлиир олус интэриэһинэй, сүрдээх ирдэбиллээх уонна түргэнник үлэлиири ирдиир.
Бу дьоро киэһэҕэ саха интэлигиэнсийэтэ, духуобунай түсчүттэр, учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ бары кэриэтэ тоҕуоруһа мустубуттарын бэлиэтии көрөҕүн. Сорохтор сахалыы таҥнан, киэргэнэн кэлбиттэр. Ол быыһыгар “Айыы кыһатын” оҕолоро бааллар. Олус элбэх киһи тыл эттэ.
Кыргыыс, алтаай омуктар бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн, национальнай үнүстүрүмүннэригэр оонньуу-оонньуу эпостарын толорон көрдөрбүттэрэ сонун көстүү буолла. Оҕолору сахалыы үөрэтэр “Сахат” оскуоланы тэрийээччи, ырыаһыт Анатолий Бурнашев кэлэн, тойук туойан дьиэрэһиттэ. Бу киэһэ ылбаҕай ырыа да ылланна, олоҥхо тойуга да иһилиннэ, эҕэрдэ тыл эгэлгэтэ этилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: