Сахаҕа “сах саҕаттан” диэн этии баар, суолтатын, ис хоһоонун соччо өйдөөбөтөрбүт да, туттабыт. Оттон өйдөөн-дьүүллээн, сабылла сытар дьапталҕаларын арыйан истэҕиҥ аайы сиэллэнэн-кутуруктанан иһиэх кэриҥнээх. Оннук санааҕа Турция Тундьели куоратын Мунзур университетын профессора, социология билимин дуоктара Мустафа Аксойы кытта көрсүһүү кэнниттэн кэллим.
Мустафа Аксой оҕо эрдэҕинэ түүр омук устуоруйатын үөрэтэр убайдаах эбит. Онон оскуолаҕа, кэлин университекка үөрэнэ сылдьан, убайа муспут кинигэлэриттэн түүр омуктар тустарынан элбэҕи билбит. 15 саастааҕар сахалар диэн омук Арассыыйаҕа хоту олороллорун, түүр омук сыдьаана буолалларын билэр эбит. Онон бу норуоттары барыларын түмэр туох баарын толкуйдуур, итиэннэ бэлиэлэринэн (туроктыы тамҕа, нууччалыы знак дэнэр) дьарыктанарга сананар. Тоҕо чуолаан бэлиэлэри талбытын кини маннык быһаарар:
– Хас да култуурунай теория баар. Бастакыта, сорох сайдыбыт дойдулар бэйэлэрэ култуураны айан-тутан, оҥорон таһаараллар, атыттар ону туһаналлар. Иккиһинэн, култуура биир сиргэ үөскүүр уонна сэриинэн, көһүүнэн сибээстээн, сирин уларытар, тарҕатар. Үһүс түөрүйэ – дьоннор киһи буолан, ханна баҕарар баар майгыннаһар бэлиэни оҥороллор. Мин санаабар, бу үс түөрүйэ түүрдэр этнографияларын кыайан быһаарбат. Тоҕо диэтэххэ, хас эмэ тыһыынчанан сыллар тухары түүрдэр омуктарын аата, судаарыстыбалара, олорор сирдэрэ, тыллара, итэҕэллэрэ уларыйан испитэ. Бастаан хуннулар, оттон күөх түүрдэр, салгыы хара хааннар кэлбиттэр, сельджуктар, кэлин тиһэҕэр Османскай империя кэлбит. Тыллара эмиэ уларыйа сылдьар. Аны биир итэҕэлбит суох, ким эрэ буддист, ким эрэ христианин, мусульманин. Ол эрээри бу тыһыынчанан сыллар тухары бэлиэлэрин уларыппакка, ДНК курдук тутан хаалларан испиттэр. Сахаҕа баар бэлиэ түүр омуктарга барыларыгар баар. Итинник тыһыынчанан бэлиэни буллум. Ол иһин ДНК диэн ааттыыбын. Атын ыаллаһа олорбут норуоттарга маннык бэлиэлэр суохтар.
Бэлиэнэн омук сааһын таһаарыахха дуо диэн ыйытыыбар Мустафа Аксой маннык диир:
– Саамай былыргы бэлиэ хаһан үөскээбитин билбэппит. Ол эрээри Илиҥҥи Туркестаҥҥа Урумчи аннынан Урфан диэн куорат баар. Онно 1970-с сылларга ньиэмэс археологтара хаһыылары (раскопка) оҥорбуттар. Онно кылгас ыстааны булбуттар. Дьэ уонна оҥоһуллубут кэмин ааҕан таһаарбыттара – биһиги эрабыт буолуо 1,5 тыһыынча сыллааҕы таҥас буолбут. Бу ыстаан үрдүгэр баар бэлиэ сахаларга, туроктарга, Мексикаҕа олорор индеецтэргэ, комиларга, чуваштарга, Новосибирскай уобаласка олорор түүрдэргэ баар. Дьэ бу бэлиэ биһиги силиспит-мутукпут биир буоларын кэрэһилиир, түүрдэр хаһан, ханна көспүттэрин, олорбуттарын быһаарыахха сөп. Итиннэ биир түөрүйэлээхпин – ханна бэлиэ баар да, онно түүр омук төрдө олорбут диэн. Ити ыстаан бэлиэлэрэ дьиҥ түүрдүү ойуулар, онон атын ханнык да омук былдьаһар кыаҕа суох. Син биир ДНК, пааспар кэриэтэ.
– Эһиги, сахалар, XV үйэҕэ Иркутскай уобалас, Хакасия диэки олорбуккут. Оттон быдан былыр скифтэр этигит. Турцияҕа, Европаҕа оҥоһуллубут үлэлэр түмүктэринэн, сахалар бу сакилар, скифтэр сиэннэрэ диэн тахсар. Геродот биһиги эрабыт буолуо V үйэҕэ скифтэр тустарынан суруйбута баар. Ол аата түүр сурукка киирбит устуоруйата ити кэмтэн саҕаланар. Геродот суруйарынан, скифтэр Кавкаһы нөҥүөлээн Турцияҕа аан бастаан кэлбиттэр. Кинилэр Анатолияҕа олорор омуктартан олох уратылар, аттан үүтү ыыллар, ону иһэллэр уонна итирэллэр диэбит. Ити, биллэн турар, кымыһы этэр. Кымыһы түүрдэр уонна монголлар эрэ иһэллэр.
Мустафа Аксой былырыын, быйыл Саха сиригэр кэлэн, ыһыахтары көрбүт. Туох өйдөбүл үөскээтэ диэҥҥэ маннык диир:
– Бырааһынньыкка тус бэйэбэр наһаа улахан суолталаах үс былыргы бэлиэни көрдүм: 1) Эһиги алгыскыт дьиҥнээх. 2) Ат, кымыс баар. 3) Аттарга уонна дьоннор национальнай таҥастарыгар бэлиэлэр бааллар. Ыһыахха уот отуннугут, алгыс эттигит, кымыһынан сири аһаттыгыт. Сиэргитин-туомҥутун сэргээн көрдүм. Былыргы устуоруйаны илдьэ сылдьаҕыт. Олох дьиҥнээх скифтэргит, уратыгыт.
Мексикаҕа индеецтэр биистэрэ олороллор. Кинилэргэ баар бэлиэлэр сахалар уонна туроктар киэннэригэр маарынныыр. Бу бэлиэлэр биһиги эрабыт буолуо VI үйэ анараа өттүнээҕи саастаахтар. Бу дьону Эмиэрикэ төрүт олохтоохторо хохо кам диэн ааттыыллар эбит. Кинилэр Саха сиринэн, Алясканан Америкаҕа киирбиттэр уонна Мексикаҕа тиийэ барбыттар. Өскөтө бу дьону испанецтар кыргыбатахтара эбитэ буоллар, 150 мөл. ахсааннаах буолуохтаахтар эбит. Бу дьоҥҥо төлөпүөн да, кинигэ, киинэ да суох. Ол оннугар билиилэрэ бэлиэ буолан, төбөлөрүгэр хатана сылдьар.
Мустафа Аксой “Устуоруйа саҥата суох тыла – бэлиэлэр” диэн кинигэлээх эбит. Былырыын кэлэ сылдьан Национальнай бибилэтиэкэҕэ бэлэхтээбит. Бу кинигэтигэр 15 дойдуттан хомуйбут бэлиэлэрэ киирбиттэр, билигин 60-ча дойдуттан хомуйбут бэлиэлэрин мунньан, тэҥнээн, түүр бэлиэлэринэн улахан энциклопедияны оҥорор былааннаах.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…