Түүр тыллаах дойдулар: саҥа кэм кирбиитигэр
Кэлиҥҥи кэмҥэ Арассыыйа киин Азия дойдуларын Казахстаны, Киргизияны, Узбекистаны, Туркменистаны, ону сэргэ арҕаа Азия дойдуларыттан Турцияны кытары сыһыанын элбэхтик суруйдум. Бу боппуруоска миигин биир интэриэһиргэтэр: түүр тыллаах дойдулар былырыыҥҥыттан саҕалаан түмсэргэ күүскэ туруннулар, манна биһиги дойдубут туох оруолу ыларый?
Сэбиэт статуһун үрдэтии
Бу соторутааҕыта, сэтинньи саҥата, Казахстаҥҥа түүр тыллаах дойдулар түмсүүлэрин саммита буолан ааспыта. Бу мунньахтарыгар тугу кэпсэтэр эбиттэрий диир буоллахха, бу маннык хабааннаах сугулаан аан бастакытын 1992 сыллаахха Турцияҕа Анкара куоракка ыытыллыбыта. Манна Турция, Азербайджан, Узбекистан, Казахстан, Туркменистан уонна Киргизия кыттыбыттара. Мунньах түмүгүнэн Түүр култууратын норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтэ диэни тэрийбиттэрэ. Ол эрээри 90‑с сыллардаахха улахан хамсааһын тахсыбатаҕа. Арай кэлин бу кэпсэтиилэр түмүктэринэн 2009 сыллаахха түөрт дойду Турция, Азербайджан, Казахстан уонна Киргизия түүр тыллаах дойдулар сэбиэттэрин тэрийбиттэрэ. Кэлин бу сэбиэккэ Узбекистан киирбитэ. Онон 2011 сылтан саҕалаан Сэбиэт саммита диэни ыытар буолбуттара. Быйыл онус төгүлүн ыытылынна эрээри, былырыыҥҥыттан саҕалаан Сэбиэт статуһа Түүр тыллаах судаарыстыбалар түмсүүлэрэ диэҥҥэ уларыйан, саҥардыллыбыт састаабынан быйыл иккиһин ыытылынна.
Былырыын бу түмсүүгэ Туркменистан уонна Венгрия кэтээн көрөр дойдулар статустарын ылбыттара. Ол эбэтэр кэнэҕэскитин бу икки дойду түмсүү чилиэннэринэн хайа баҕарар буолар кыахтаахтар. Манна биир боппуруос үөскүүр. Өскөтүн Туркмения хара маҥнайгыттан да бу түмсүүгэ сылдьыбыт буоллаҕына, Венгрия, киин Европа дойдута, Евросойуус чилиэнэ, манна тоҕо кыттыһа сатыырый?
Бэрэсидьиэннэрэ Виктор Орбан былырыын Самаркаҥҥа буолбут бастакы саммикка Венгрия — бу түүр сыдьааннаах дойду буоларын хаста да бэлиэтээн туран, Евросойуус ыытар үлэтин соччо сөбүлээбэтин кистээбэккэ таһыгар таһаарбыта уонна Арассыыйаны утары арҕааҥҥы дойдулар киллэрбит хааччахтара хайа да дойдуга туһаны аҕалбатын эппитэ. Итинэн кини Түмсүү ыытар бэлиитикэтин биһириирин биллэрдэ диэн сурунан кэбиһиэххэ сөп. Аны туран Орбан быйыл алтынньыга Кытайга “Биир эргимтэ, биир айан” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы пуорумҥа РФ бэрэсидьиэнин Владимир Путины кытары көрсөн кэпсэппитэ. Бу кэпсэтиилэр түмүктэринэн Венгрияҕа атомнай ыстаансыйа тутуутун бырайыага салҕанан барар буолла. Бу туһунан киин бэчээккэ бэҕэһээ эрэ таҕыста. Онон сылыктаатахха, Венгрия бу түмсүүгэ киирэ сатыыр төрүөтэ биир — кини экэниэмикэтинэн Евросойууска Германия, Франция, Италия курдук киэҥ киппэлэри кытары күөн көрсүһэр кыаҕа суох, онон Евразияҕа тардыһара сөп. Билигин бу чааһыгар Венгрия Узбекистаны кытары биир ситимнээхтик үлэлии олорор. Казахстан Венгрияҕа атыыга-тутууга биир сүрүн партнер буолар. Аны билигин энэргиэтикэ өттүгэр Арассыыйаны кытары сыһыанын куо чэмээр оҥостон эрэр. Биллэн турар, бу хамсаныытын Евросойууска хайҕаабаттара чахчы.
Түмсүүнү хаҥатыы барыа дуо?
Бу боппуруоска даҕатан, иллэрээ сыл түмсүү саммитын кэмигэр түүр тыллаах дойдулар испииһэктэригэр Кытай, Арассыыйа эрэгийиэннэрин киллэрдилэр, бу аата Турция түүр тыллаах омуктары барыларын түмэр санаалаах эбит диэн санаа этиллибитин ахтан аһарыахпын баҕарабын. Манна сүрдээх үчүгэй хоруйу РФ бэрэсидьиэнин пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков биэрэн турар. Кини: “Турция түүр тыллаах омуктары биир ситимҥэ киллэрэр туһунан эппитэ ыраатта. Мантан киһи соһуйбат. Ол эрээри манна биири эбэн этиэхпин баҕарабын, түүр тыллаах бары дойдуларга Алтай сүрүн миэстэни уонна баһыйар оруолу ылар. Турция буолбатах. Онон, дьиҥэр, каарта да оҥорор буоллахтарына, Алтайы (Арассыыйа эрэгийиэнин) улахан сулуһунан бэлиэтиэхтээхтэр этэ”, — диэн эппитэ.
Түүр тыллаах дойдулар түмсүүлэрин ытык кырдьаҕастарын сэбиэтэ Балкан дойдулара да, Арассыыйа да, Кытай да бу түмсүүгэ ылар оруоллара улаханын уонна туох да этитиитэ суох киирэр кыахтаахтарын туһунан куруутун этэр. “Балкан дойдуларыттан бастакы уочарат Болгария, Босния, Герцеговина, Сербия, Албания, Македония бу түмсүүгэ туох да саарбаҕа суох киирэллэр. Арассыыйа да, Кытай да түмсүүгэ кыттыһыытыгар туох да боппуруос турбат”, — диэн ытык кырдьаҕастар сэбиэттэрин чилиэнэ Бинали Йылдырым эппитэ баар. Итинник диирэ сөп. Тоҕо диэтэргин, аҥаардас Арассыыйа нэһилиэнньэтин ахсааныттан түүр тыллаах омуктар 11-13 бырыһыаны ылаллар.
Онон түмсүүнү хаҥатыы боппуруоһа, дьиҥэр ыллахха, кумааҕыга эрэ суруллуу курдук. Билигин бэлиитикэ хонуутугар да, экэниэмикэ бары эйгэтигэр да, култуураны, билими, успуорду киһи этэ да барбат, бары эйгэлэринэн бу дойдулары кытары Арассыыйа биир ситимнээхтик үлэлэһэ олорор. Билигин өссө Палестина, Сирия айдааныгар бу дойдулары кытары этэр санаабыт биир буолан таҕыста. Түмсүү чилиэннэрэ биһиги бэлиитикэ хонуутугар түмсэммит этэр этиибит күүһүн ылан эрэр диэн этэллэр. Түмсүү сыала-соруга туохханый?
Доҕордуу сыһыаны бөҕөргөтүү
Бу түмсүү сүрүн сыала туохханый диэтэххэ, бастатан туран, дойдулар доҕордуу сыһыаннарын бөҕөргөтөр соруктаахтар. Манна аҥаардас бииргэ үлэлэһиини эрэ буолбакка, аан дойду бэлиитикэтигэр тирээн турар боппуруостарга биир санаанан салайтарыыны инники күөҥҥэ туруораллар. Иккиһинэн, экэниэмикэ бары эйгэтигэр, ол иһигэр атыыга-эргиэҥҥэ, бырамыысыланнаска, үөрэххэ, култуураҕа, о. д.а. эйгэлэргэ, үлэлэрин хаҥатар сыаллаахтар. Ити өйдөнөр. Үсүһүнэн, бу дойдулар информацияны киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрэ биир ситимнээхтик үлэлээһиннэригэр наһаа улахан болҕомтолорун уураллар. Билигин информация бары хайысханан сааскы халаан уутун курдук халҕаһалыы анньан кимэ турар кэмигэр, эрдэттэн хайыҥ охсуналлара эмиэ да сөп курдук.
Быйылгы сугулааннарыгар түүр тыллаах дойдулар 2040 сылга диэри сайдыыларын былаанын ылыннылар. Манна, биллэн турар, хас биирдии дойду бэйэтин барыһын көрбүтэ чахчы. Онон, ааҕааччым, суруйуум түмүгүн эн дьүүлгэр аһаҕас хаалларабын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: