Уол оҕо күнэ: Тыыттан — ледоколга

Share

“Һыллыый, бириэмэ ыраатта, балыккын көрө барар кэмиҥ кэллэ…” – диэн сарсыарда 7 чаас саҕана аҕата кинини уһугуннаран сибигинэйэриттэн, кырачаан Ян уһукта биэрдэ…

Эрэһиинэ оҥочо “штурмана”

Кэпсэтиибит “Урал” атомнай ледокол хапытаанын 2-с көмөлөһөөччүтэ Ян Рожин оҕо сааһын умнуллубат бу түгэниттэн саҕаланна.

Биһиги 2-с Хомустаахпыт (Нам улууһугар) өрүс үрдүгэр турар. Ол иһин да буолуо, нэһилиэк оҕолоро кыра эрдэхпититтэн сөтүөлээн улаап­пыппыт.

Аҕам Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгиттэн, ийэм Муоматтан төрүттээх буоланнар, айылҕаҕа сылдьалларын олус сөбүлүүллэрэ. Онон биһиги дьиэ кэргэн тыаттан арахсыбат ыал этибит. Ордук хоно сытан балыктыырбытын сөбүлүүрбүт.

Алын сүһүөх кылааһы бүтэрэн, 5-с кылааска тахсыбыт сайыммар аҕам Александр Петрович миэхэ бэрт эппиэттээх  “дуоһунаһы” сүктэрбитэ. Санаан көрүҥ, сайын сарсыарда сэттэ чааска хайа уон саастаах оҕо балык илимин көрө барыаҕай? Убайбынаан атастаһа сылдьан илиммитин көрөр этибит. Сороҕор иккиэммитин тэҥҥэ туруоран ыытара. Ол аата, “бэйэ-бэйэлэрин сыаналыы, убаастаһа үөрэнниннэр” диэн эмиэ биир ураты ньымата эбит. Оттон аҕабытын кытта барсар түгэммит, туһугар, туспа наҕараада этэ. Хайаан да хаһан да билбэтэхпитин үөрэппитэ баар буолара. Ол барыта үөрэтии-такайыы, сүбэ буолбакка, оонньуу курдук барара. Холобура, миигин эрэһиинэ тыыны эрдинэ үөрэтиитэ эмиэ оонньуу курдук саҕаламмыта. Бастаан эрдиини ылаат, куттаммыппын өйдүүбүн. Онуоха аҕам “мин оҕом олох хорсун киһи, кини – мин штурманым” диэн баран, “штурман” диэн кимин аан бастаан сиһилии быһааран биэрбитэ. Онуоха мин тута эрдийэ түспүтүм. Бу санаатахха, эрэһиинэ тыыттан саҕалаан ледокол штурмана буоларбын оччолорго, нууччалыы эттэххэ, “бырагыраамалаан” кэбиспит эбит.

Аҕа үөрэҕэ

– Тиэхиньикэни эмиэ оҕо сааскыттан баһылаатаҕыҥ дии?

– Аҕабыт Александр Петрович биһигини кыра эрдэхпититтэн тиэхиньикэҕэ сыһыара үөрэппитэ. Улаатан баран, мотуордаах оҥочону бэйэбит ыытар буолбуппут. “Булт” диэн баран муннукка ытаабыт киһи Торуойбут тыатын, Өлүөнэ эбэбит устун араас булка сырытыннарара. 2000 сыллар саҥаларыгар нэһилиэкпитигэр араас омук массыыната дэлэйбитэ. Биирдэ нэһилиэкпит биир олохтооҕо «оҕолоргутугар тоҕо иномарка ылбаккытый? Иккиэн үөрэхтэригэр үчүгэйдэр дии» диэн ыйыппытыгар, аҕабыт “ити иитии биир ньымата. Кэлин улааттахтарына олохторугар туһалыа” диэбитэ. Ол эргэ массыынабыт эргэтэ туохха туһалыыра кэлин улааппыппыт кэннэ биллибитэ. Көлөбүт алдьанна да, бэйэбит өрөмүөннүүрбүт. Онон массыынабыт ханан туга моһуоктуурун эндэппэккэ билэн, өр сүүрдүбүппүт. Кэлин үөрэнэ сырыттахпына, преподавателим “мэхээньикэни эндэппэккэ билэҕин, ким маннык үөрэппитэй?” диэн ыйытара. Аҕам барахсан ииппит үөрүйэҕэ билигин атомнай ледоколу ыытар хапы­таан көмөлөһөөччүтүгэр тиийэ тиэртэҕэ.

“Аҕам билигин да арчылыы сылдьар…”

– Тыа сирин оскуолатыгар үөрэммит эдэр киһи хайдах итинник ледокол ыытар үөрэҕи булбуккунуй?

– Итинник идэлээх үлэһит буолуом диэн санаабар да суоҕа. Соҕуруу инженер үөрэҕэр туттарса барар баҕа­лааҕым. Ол иһин физикаҕа уонна английскай тылга болҕомтобун уурбутум. Убайым Аян бу идэбэр сирдээбитэ. Кини Новосибирскайга хараабыл тутар институкка үөрэнэр уолаттары кытта ыкса доҕордоһор этэ. “Быраактыкаларыгар араас омук сирдэринэн сылдьаллар” диэбитэ. Мин бэркэ сэргии истэн, үөрэххэ онно туттарсан тута киирбитим. Алын куурустарга туох идэлээх буоларым биллибэт этэ. Бастакы быраактыкабытыгар икки ыйга Сочига “парусникка” тиийбиппит. Онтон Чернай, Средиземнай, Балтийскай муораларынан айаннаан, Германияҕа тохтообуппут. Ол сырыттахпына, аҕам ыалдьан күн сириттэн барбыта.

Хайдах үс күн иһигэр итиччэ ыраахтан Сахам сиригэр баар буола ох­­суохпунуй? Аҕабын тиһэх суолугар атаарар кыаҕа суохпуттан наһаа хомойбутум, курутуйбутум. Онуоха ийэм уонна убайым: “Санаарҕаама, аҕаҥ эн итинник үлэлээх буолуоххун наһаа баҕарара. Кини эйигин өрүү арчылыы сылдьыаҕа”, – диэн санаабын көтөхпүттэрэ. Онон аҕам Александр Петрович аттыбар өрүү баар, барытыгар көрөр-истэр курдук, билигин да арчылыы сылдьар. Кыра эрдэхпититтэн тиэхиньикэҕэ, булка сыһыарбыта – бу эр киһини иитии бастыҥ холобура. Оччолорго сарсыарда 7 чаастан туруоран үлэҕэ иитии­тэ эрэсиими сөпкө тутуһарга, күннээҕи үлэни толорорго эмиэ көҕүлүүр буоллаҕа дии. Аҕабыт олус элэккэй, өрүү үөрэ-көтө сылдьар буолан, кырачаан оҕолорго барытын оонньуу курдук ылыннаран, үлэҕэ, булка, тиэхиньикэ сыстаҕас буолан хаалбыппыт.

Дойдубуттан тэйэн, кустаабатаҕым ыраатта. Саас кэллэр эрэ, саха киһитэ буоларбынан, бултуурбун суохтуубун, ахтабын аҕай.

Ледокол штурмана

– Ян, эн “Урал” ледокол хапытаанын көмөлөһөөччүтүттэн 2-с көмөлөһөөччү буоллуҥ. Санкт-Петербурга олохсуйдаҕыҥ дии?

– Икки сыл иһигэр аҥаардас муораҕа уон аҥаар ый үлэлээтим. Түөрт ый устата  тохтоло  суох ледоколунан устабыт. Түөрт ый сынньанабыт. “Урал”  хараабылым Санкт-Петербурга тутулла турар этэ. Ледоколбутун  үлэҕэ киллэрэр кэммитигэр хараабылга бэйэтигэр олорбуппут. Онон Санкт-Петербург куораты ыкса билэн-көрөн, олус сөбүлээбитим. Билигин уол оҕолонон, онно дьиэ кэргэмминиин олохсуйдубут. Үлэбин наһаа сөбүлүүбүн. Дьылҕам ледоколга үлэлииргэ анаммыт эбит.

Онуоха аҕам Александр Петрович уонча­лаах уолчааны эрэһиинэ оҥочоҕо олордон баран,  эрдии тутта­раат, “мин оҕом – штурман” диэбитэ дууһабар өрүү баар.

Ян Рожин Нам улууһун 2-с Хомустаах орто оскуолатын кыһыл көмүс мэтээ­линэн бүтэрбитэ. Олоҕун устата туйгуннар, бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар эдэр киһи. Ян ийэтин араспаан­ньатын ыларыгар аҕата эмиэ оруоллаах.

Ийэтэ, алын сүһүөх кылаас учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуот­таах үлэһитэ Яна Рожина ыал соҕотох оҕото буолан, аҕатын ууһун үйэтитиэн баҕарарын кэргэнэ, СӨ култууратын туйгуна, өрөспүүбүлүкэ ырыа айааччыларын сойуу­һун чилиэнэ, самодеятельнай мелодист, аккомпаниа­тор Александр Меркулов өйөөн, кыра уол ийэтинэн эһээтин араспаанньатын сүгэр.

Билигин санаатахха, 2017 с. олунньу 6 күнүгэр олохтоммут Уол оҕо күнэ аныгы үйэ уустук кэмигэр сөпкө да, кэмигэр да бэлиэтэнэр эбит. Муус устарга Аҕа уонна Булчут күннэрин кэнниттэн бу суолталаах бырааһынньык­тары дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөр аналлаах Уол оҕо күнэ (муус устар 14 күнэ) түмүктүүр. Бу бырааһынньык уол оҕону иитии улахан суолталааҕын көрдөрөр, дьиэ кэргэн төрүт үгэһин сайыннарар, тарҕатар аналлаах. Ол ону бу Өймөкөөнтөн уонна Муоматтан тардыылаах Нам уола Ян Рожин холобуругар көрөбүт.

What’s your Reaction?
+1
34
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago