Убаһа этэ — 2000 солкуобай!
09.10.2023, 10:55
Анивера Акимова хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ эт-балык, үүт ас сыанатын көрөөрү, «Сайсары» ырыынакка бара сырыттым. Киирээттэн Кэбээйи эмис собото, отон, оҕуруот аһа арааһа анньыллан турар.
Хаппыыста, хортуоппуй куулунан атыыланар. Сыаната улаханнык үрдээбэтэх. Таатта, Уус Алдан, Чурапчы сибиэһэй этэ атыыга тахсыбыт. Сыаната сөхтөрдө.
Ынах этэ киилэтэ 700 солкуобайтан саҕаланар. Саамай ыарахана — 1000 солкуобай.
Ынах иһэ киилэтэ — 450 солк., быар — 600 солк.
Убаһа этэ кыралаан атыыланан эрэр эбит. Киилэтэ 800 — 2000 солкуобай. Харта киилэтэ — 1500 солк.
2021 сыллаахха сэтинньигэ убаһа этэ саамай ыараабыта — 1500 солкуобай этэ. Онон икки сыл иһигэр 500 солк. үрдээбит.
+1
6
+1
8
+1
1
+1
1
+1
28
+1
3
+1
3
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: