Убаһа этэ — балтараа тыһыынча
Бүгүн балык, эт атыылаһаары «Сайсары» бааһынай ырыынагар сырыттым. Халлаан улаханнык тымныйа да илик эрээри, балык-эт арааһа син баар.
Кэбээйи сибиэһэй соботун киилэтин 350 солкуобайга атыылыыллар. Мин 530 солкуобайга түөрт устуука балыгы ыллым.
Салгыы эт сыанатын туоһуластым. Сыана сайыҥҥытааҕар ыараабыкка дылы. Уус Алдан убаһатын этэ саамай ыараабыта балтараа тыһыынча солкуобайынан быһыллыбыт. Дьэ сыана, доҕор. «Баччаларга сыана үрдээччи, сыыйа түһүөҕэ«, — диэн атыыһыттар уоскутардыы этэллэр. Саамай чэпчэкитэ 700 солкуобайга атыыланар. Былырыын баччаларга эмиэ убаһа этэ балтараа тыһыынчаҕа атыылана сылдьыбыта. Арааһа, атыылаһар дьон баар буолан, сыаналарын эбэн эрдэхтэрэ.
Ынах этэ киилэтэ 600 солкуобайтан саҕаланар. Тааттаттан, Уус Алдантан аҕалан атыылыыбыт дэһэллэр атыыһыттар.
8 л биэдэрэҕэ кутуллубут отону — 2000 солкуобайга, онтон 10 л — 2500 солкуобайынан быспыттар.
Ырыынакка атыыланар эт сыаната тоҕо хонтуруолламмат диэн үгүс киһи ыйытар буолуохтаах. Бу туһунан СӨ сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Саргылаана Матвеева маннык эттэ:
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: