Салгыы
Убаһа тыҥата – 30 солкуобай

Убаһа тыҥата – 30 солкуобай

25.12.2023, 16:00
ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл чугаһаан, куорат олохтоохторо бырааһыньыкка сиир астарын-үөллэрин, кыһыҥҥы хаһаастарын “Сайсары” бааһынай ырыынагыттан атыылаһаллар. Сыана кыралаан ыараабыт курдук эрээри, ас-үөл толору.

Санаабар, убаһа быарын сыаната чэпчиирэ дуу диэн кэтиибин. Суох, сыана биир тэҥ турар. Атыылааччылар кыра куһуок гына бэлэмнээбиттэр. Дьээбэҕэ, испиискэ  икки хаатын саҕа кээмэйдээх быары ыйатан көрбүтүм, харчытыгар таһаардахха түөрт мөһөөк буолла.

Өссө биир сонун табаар баар буолбут. Табаар диибин. Убаһа тыҥатын эмиэ кып-кыра гына бысталаабыттар. Ону устуукатын 30 солкуобайга  атыылыыллар. Биир дьахтар биир устууканы ылла, таарыйа миэхэ рекламалаата: “Көр, чэпчэки баҕайы – 30 солкуобай. Үөскүн ыраастыыр үһү”, — диэтэ. Дьэ, хайдаҕа буолла? Отунан-маһынан эмтэнээччилэр, баҕар, билэллэрэ буолуо. Туһалааҕын дуу, суоҕун дуу.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: