Саҥа дьыл чугаһаан, куорат олохтоохторо бырааһыньыкка сиир астарын-үөллэрин, кыһыҥҥы хаһаастарын “Сайсары” бааһынай ырыынагыттан атыылаһаллар. Сыана кыралаан ыараабыт курдук эрээри, ас-үөл толору.
Санаабар, убаһа быарын сыаната чэпчиирэ дуу диэн кэтиибин. Суох, сыана биир тэҥ турар. Атыылааччылар кыра куһуок гына бэлэмнээбиттэр. Дьээбэҕэ, испиискэ икки хаатын саҕа кээмэйдээх быары ыйатан көрбүтүм, харчытыгар таһаардахха түөрт мөһөөк буолла.
Өссө биир сонун табаар баар буолбут. Табаар диибин. Убаһа тыҥатын эмиэ кып-кыра гына бысталаабыттар. Ону устуукатын 30 солкуобайга атыылыыллар. Биир дьахтар биир устууканы ылла, таарыйа миэхэ рекламалаата: “Көр, чэпчэки баҕайы – 30 солкуобай. Үөскүн ыраастыыр үһү”, — диэтэ. Дьэ, хайдаҕа буолла? Отунан-маһынан эмтэнээччилэр, баҕар, билэллэрэ буолуо. Туһалааҕын дуу, суоҕун дуу.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…