Убайым дьоһун кинигэтэ сүрэхтэннэ
Убайым Уйбаан Ньукулаайап «Происхождение народа Саха. Том I» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитигэр ыҥырыллан, күн инниттэн түбүгүрэн, хара сарсыардаттан хомунан, тахсар күн тыгыаҕыттан тэринэн сырыттым.
Бастатан туран, күн аайы кэтэр «Адидаспынан» барыам диэбиппэр, ойоҕум сөбүлээбэккэ, бүтэһик батар джинсыбын кытта ырбаахы ырбаччы тардынан бардым.
Буолар да сирбит дьоһуннааҕа – «Академия наук» дьиэтэ. Ыйыллыбыт кэмҥэ лоп курдук тиийдибит, кылбаа маҥан дьэрэкээн быһыылаах дьиэҕэ киирдибит.
Тас таҥаспын устан кирилиэһи дабайыам иннинэ кырасыабай кыргыттар кинигэ туттардылар. Били, элбэх кинигэни ааҕар киһи курдук, ыллаҕым дии.
Кирилиэһи дабайар кэммэр сахалыы таҥастаах эдэр ыччаттар «Дорообо!», «Дыраастый!» бөҕөтүн түһэрдилэр. Мин, били, бэйэм «эйгэбэр» маатыра, охсуһуу аҥаардаах кэпсэтиилэр кэннэ, кулгаахпар-харахпар соһуччу көстүү буолла. Эчи, дорооболоһор да оҕолор элбэхтэрэ! Мух-мах бара сыстым. Хата, иккис мэндиэмэҥҥэ тахсыыбар убайым бэйэтэ көрсө турар буолан, эрэх-турах санаа киирдэ.
Ынайбыт испин кытта иһирдьэ тардынным. Саалаҕа киирэн, билэр дьоммун, биир дойдулаахтарбын, таатталары көрөн, олорор олбохпун онно булуннум. Онно олорор улахан эдьиийим: «Ханна бардыҥ, кэл, манна олор» диэбиттии көрбүтүгэр да буолуо. Кутталы кытта аттыгар тиийэн сэргэстэһэ олордоҕум дии, харах далыттан сүтүмээри.
Дьэ, ол курдук, араас эйгэттэн дьон муһунна. Билэр да киһим элбэх. Бэйэм курдук «муммут» харахтаахтар эмиэ көстөллөр, өйдөөбөтөхтүү өҥөйсөллөр.
Ол олорон көрдөхпүнэ, дьон ытыахтарыгар диэри киэргэнэн кэлбит. Били «Адидаспын» кэтэн кэлбэтэхпиттэн испэр ойохпор махтанным.
Мунньаҕы Өндөрөй Саабыс Барыыһап халлааны одуулаабычча одуулаан, эмиэ да үөһэттэн өҥөйөрдүү туттан туран ыытта. Саҥата-иҥэтэ үчүгэйэ дьикти!
«Үөһэ туох эрэ суруллубут буоллаҕа дуу…» диэн хантаарыҥнаан көрдүм да, туох да суох.
Онтон Анатолий Николаевич Алексеев тыл эттэ. Төһө да саас ыла быһыытыйдар, өйө-санаата, этэрэ-тыынара ааспатах эбит. Биирдэ эмэ дьолго тигистэхпинэ, устудьуоннуу сылдьыахпыттан айахпын атан олорон лиэксийэтин истэр буолан, билигин да иҥэмтиэлээх кэпсээнин, уһун да буоллар, бэркэ сөбүлээн иһиттим. Салгыы да истиэ эбиппин, ону киһибин быһан, тохтотон кэбистилэр.
Убайым Игорь Игнатьевич сахалыы этиитэ олус истиҥник, дьоҥҥо тиийэрдик уонна быһаарыылаахтык иһилиннэ.
Бүтүүтүгэр Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев:
«Үйэлэр тухары мөккүөргэ турбут ыйытыкка, саха төрдүн-төбөтүн туһунан ыйытыкка хоруй быһыытынан бу кинигэнэн халыҥ уонна сотуллубат туочука туруорулунна!» – диэн бэркэ түмүктээтэ. Аҕыйах омукка оннук чопчу билгэлиир кинигэ баарын туһунан эрдэ этиллибитигэр олоҕуран эттэ уонна улуус мэтээлин туттарда.
Чэ, онон син сорукпун ситиспит, тиһэҕэр диэри истибит киһи быһыытынан тахсан, фуршет аһын амсайдым.
Тахсаат да, аара эдьиийбитин илдьээт, Оппуонньабар эрийдим, ханан баарын чопчуластым. Атаһым сүбэтинэн: «ДП-1 остолобуойугар аһыахха!» – диэн буолла. Сүбэһитим да сүбэһит бөҕө. «Ол миигин онно киллэрэллэр дуо?» – диэбиппэр: «Тойон курдук туттан киир», – диэтэ. Ону бачча ырбаахы ырбаччы кэппит киһи быһыытынан, сирэйбин дьоһуннук туттан, испин иһирдьэ хомуйан киирии буолла.
Уһулуччу өйдөөх убайдаахпыттан, саха омук төрдүн-ууһун биллэрэр, үөрэтэр, салгыы онон сиэттэрэн инники олороругар суол ыйар кинигэтэ тахсыбытыттан үөрэн, өйдөөх дьон үтүө санааларын убайбар эппиттэрин истэн, испэр лаппа үөрэ сылдьабын уонна убайбынан киэн туттабын!
Уһун сыллаах, сыралаах үлэтигэр бастакы хардыыны оҥордо.
Андрей НИКОЛАЕВ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: