Учуонай баһаардар иэннэрин хайдах сыаналаата?
Быйыл баһаартан кутталлаах кэмҥэ ойуур баһаарын иэнэ өр сыллаах орто көрдөрүүлэр таһымнарыгар турарын туһунан РНА Сибиирдээҕи салаатын В.Н.Сукачев аатынан ойуур институтун наукаҕа ыстаарсай үлэһитэ Евгений Пономарев иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, быйыл баһаар үс эрэгийиэн ойуурун ылла: ЕАУо (4,17%), Забайкалье кыраайыгар (4,2%), Амур уобалаһыгар (2,02%). Саха сиригэр бу көрдөрүү 1% аһарбат. Манна ойуур баһаардара 2,1 мөлүйүөн гаа курдук сири-уоту сиэтилэр. Учуонай бэлиэтээн этэринэн, балаһыанньаны айылҕа-килиимэт көрдөрүүлэринэн тэҥниэххэ сөп. Холобур, Саха сирин ойуурдара Канада тыатыгар майгынныыллар. Быйыл Канадаҕа 2,2 мөлүйүөн гаа кэриҥэ сир умайда. Ол гынан баран, айылҕаҕа умайыы тахсарыгар дьайар метеорология усулуобуйаларын урутаан билбэккин.
Евгений Пономарев этэринэн, инникитин килиимэт уларыйыытыттан баһаардар Хотугу дойдулар тиийэргэ ыраах сирдэригэр “сыҕарыйаллара” элбиэҕэ. Бу ордук Арассыыйа Арктикатыгар сыһыаннаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: