Салгыы
Учуонай Дархан ууска ыалдьыттаата

Учуонай Дархан ууска ыалдьыттаата

Ааптар:
22.07.2022, 10:54
Бөлөххө киир:

Быйыл сайын Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр айар куттаах дьон «Маастардар кытылларыгар» үлэлээн, сынньанан, араас дьону кытта билсэн, Кыыс Амма  ыраас, сылаас уутугар дуоһуйа сөтүөлээн, кэрэ сирдэрин көрөн-астынан, бэрт сэргэхтик сылдьан кэллилэр.

Бу туһунан историческай наука хандьыдаата, ХИФУ доцена Светлана Петрова — Уран Хатыҥ санаатын маннык үллэстэр:

Аммаҕа сылдьан,  айылҕаттан талааннаах элбэх маастардары кытта билистибит. Олортон биирдэстэрэ — тимиргэ өрөспүүбүлүкэ Дархан ууһа Алексей Скрябин. Болугурга баар Ийэҕэ аналлаах искибиэргэ оҕолоох ийэни оҥорбутун сөхтүм. Дьахтар олох ытарҕата эйэҥэлээн,  тыыннаах курдук турар. Оҕото мас ынах оонньуурдаах. Ийэ этэрбэһин тумса кыбытыылаах.

Маастар үлэлиир, оҥорон таһаарар ньыматын сөхтүм. Туох да эскииһэ суох, өйүттэн. Үлэтэ хайдах буолуохтааҕын хараҕар оҥорон көрөр эбит уонна киһини, сылгыны да буоллун, муннуларыттан таптайан оҥорон таһаарар эбит. Дьэ, дьикти ньыма! Олох айылҕа биэрбит талаана сылдьар. Аммаҕа элбэх сиргэ пааматынньыктаах эбит. Бу улууска ханна эрэ кулунчуктаах аты көрбүтүм, ол эмиэ кини үлэтэ эбит. Аны сөхпүтүм диэн, туох да анал үөрэҕи бүтэрбэтэх. Онон үөһэттэн айдарыллан кэлбит киһи сылдьар. Бэйэтэ ылбычча көрдөххө, бытаан туттунуулаах, саҥата суох гынан баран, кэпсэттэххэ сүрдээх элбэх кэпсээннээх саха саарына буолан биэрдэ.

… Ити курдук, аттыбытыгар сылдьар дьоммутун кытта кэпсэтэн-ипсэтэн билистэххэ, сөҕүмэр талааннаах дьон үгүс эбээт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: