Учуонай: Саха сиригэр ойуур баһаара элбиирэ дойду атын эрэгийиэннэриттэн быдан ордук
Килиимэт уларыйыылара Сибииргэ, Саха сиригэр дойду атын территорияларыттан салгын температурата үрдүүрүгэр уонна ойуур баһаардара туралларыгар тиэрдэр.
Бу туһунан В.Н. Сукачев аатынан Ойуур хаһаайыстыбатын институтун РАН Сибиирдээҕи отделениетын старшай научнай үлэһитэ Евгений Пономарев иһитиннэрдэ. Аан дойдутааҕы метеорологическай тэрилтэ көрдөрүүтүнэн, Арассыыйа территорията ортотунан Сир Ийэ үрдүнэн 2,5 төгүл түргэнник сылыйар. Бу дьайыы ордук чаҕылхайдык Полярнай эргимтэни таһынан көстөр. Ол түмүгэр Арктикаҕа муус иэнэ аҕыйыыр, өр сыллаах ирбэт тоҥ балаһыанньата уларыйар. «Ону таһынан, чуолаан Сибиир хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр уонна Саха сиригэр салгын температурата түргэнник эбиллэр -10 сыл иһигэр 0,65 °С кыраадыска диэри. Сайыҥҥы өттүгэр салгын температурата үрдүүрүн таһынан, Саха сиригэр кураан дьыл турара сабаҕаланар, ону тэҥэ ойуур баһаара турар кэмин уһуна эбиллэрэ сылыктанар, — диир Ленскэй кулууп эспиэрэ.
Учуонай санаатынан, куттал суоһуур кэмин ахсаана эбиллэринэн, баһаарынай сулууспалар территориальнай тэрилтэтигэр дьаһалларыгар уларыйыыны киллэриини эрэйэр. Ойуур баһаарын утары охсуһар инниттэн баһаарынай харыстабыл подразделениеларын салгыы сайыннарыахха наада.
Санатан эттэххэ, Саха сирин хоту өттүгэр саҥа авиаподразделениелары арыйыы боппуруоһун үөрэтэллэр. Халыма-Индигиир бөлөх улуустарыгар саҥа бөлөхтөрү тэрийэллэрэ ирдэнэр. От ыйын 10 күнүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ кыттыылаах сүбэ мунньахха элбэх ойуур баһаарын умуруорбут эрэгийиэннэринэн федеральнай бүддьүөттэн эбии үп-харчы көрүллэрин туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Владимир Путин Саха сиригэр кэлэ сылддьарыгар маннык этиини Ил Дархан Айсен Николаев көтөхпүтэ. Судаарыстыба баһылыга көҕүлээһинин өйөөбүтэ. Эһиил Саха сиригэр федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин 1,6-тан 2,8 млрд солк. диэри улаатыаҕа. Үп-харчы ойуур баһаарынай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин ахсаанын элбэтэргэ уонна тыаны көтөр аалынан кэтээн көрүү чааһын ахсаанын элбэтэргэ кыах биэриэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: