Учуонайдар байыаннай дьайыыга көмөҕө 1,5 мөлүйүөнү хомуйдулар

Share

Саха сирин учуонайдара стратегическай сыаллаах социальнай аахсыйаны ыыттылар. Ол түмүгэр Саха сирин учуонайдара байыаннай дьайыыга көмө быһыытынан 1,5 мөлүйүөнтэн тахса уу харчыны «Донбаһы өйүүр уонна көмөлөһөр Хотугулуу-Илиҥҥи пуондаҕа» туттарда.

Саха сирин Наукаларын академията бүгүн, олунньу 1 күнүгэр, наука уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ кыттыылаах «Наука для фронта» аахсыйаны тэрийэн ыытта. Наука академиятын тэрээһинин сүрүн сыалынан-соругунан учуонайдар түмсүүлэриттэн үбү-харчыны эрэ хомуйууну көҕүлээһин буолбакка, Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин тиһигин аныгы технологияларынан хааччыйыы буолуохтаах.

Бүгүн Саха сирэ байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоммутугар бүттүүн көмөлөһөр. Онуоха өрөспүүбүлүкэҕэ «Донбаһы өйүүр уонна көмөлөһөр Хотугулуу-Илиҥҥи пуонда» тэриллэн үлэлиир. Бу пуонда нөҥүө байыастарбытыгар араас оборудование, таҥас-сап, тепловизор, квадрокоптер, уустук суоллаах-иистээх сиргэ иҥнибэккэ айанныыр тиэхиньикэ, о.д.а. атыылаһыллар.

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Наука академиятын бэрэсидьиэнэ, «Донбаһы өйүүр уонна көмөлөһөр Хотугулуу-Илиҥҥи пуонда», наука үлэһиттэрэ, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара уонна Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев кытыннылар.

«Бу аахсыйа Арассыыйа наукатын академиятын 300 сылыгар сөп түбэһиннэрэн тэрилиннэ. Биһиги, наука үлэһиттэрэ туора туран хаалбакка, инники күөҥҥэ сылдьыахтаахпыт. Урут даҕаны оннук этэ, инникитин оннук даҕаны буолуохтаах. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр учуонайдар элбэх эми, сэрии сэбин, тиэхиньикэни оҥорбуттара: холобур, пенициллини оҥорон таһааран киэҥник туһаммыттара, «Катюша» реактивнай артиллерияны, Т-134 тааҥканы оҥорон таһаарбыттара. Онон биһиги кыайбыппыт. Наука миэстэтигэр турбат, иннин диэки барар, араас технологиялар тэриллэллэр. Саха сирин учуонайдара бэйэлэрин хамнастарыттан хомуйан пуондаҕа 1,5 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы туттарда», — диэн Леонид Владимиров эттэ.

«Биһиги наукабыт эйгэтигэр үлэлии сылдьар дьоммут байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр тиийиэхтээх бородуукта нобуорун оҥорорбутугар, киһиэхэ күүһү-уоҕу эбэр, эмтээх оттортон, кулааһай муоһуттан утахтары оҥорон ыыттылар. Эрдэ учуонайдар саҥа технологиянан хатарыллыбыт балыктан миин оҥорон ыыппыттара. Аны бүгүн улахан аахсыйа оҥордулар, онно 1,5 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы хомуйан пуондаҕа туттардылар. Бу байыаннай дьайыыга уонна уолаттарга байыаннай тэрил, тиэхиньикэ ыларга көмөҕө барыаҕа», — диэн Ил Түмэн дьокутаата, Саха сирин уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ, «Саха түмэлэ» тэрилтэ дириэктэрэ Николай Бугаев санаатын үллэһиннэ.

Мария Васильева хаартыскалара
What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

14 часов ago