Салгыы
Учуонайдарбыт бронь кэтэҕэр саһан олорботохторо

Учуонайдарбыт бронь кэтэҕэр саһан олорботохторо

Ааптар:
04.10.2022, 17:21
Бөлөххө киир:

Оруоһун  уочараттаах  дойҕоҕо

Л.И.Рожин  биир дойдулааҕа профессор  А.И.Новгородов төрөөбүтэ 120 сылын туолуутугар ыстатыйата  “Туймаада” хаһыакка  (08.09.2022,  23 №-гэр) таҕыста. Наука дуоктара Афанасий Иннокентьевич олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, устуоруйа билимигэр киллэрбит кылаатын, ситиһиилэрин кэпсиир оннугар, ыстатыйабыт эмиэ башаринецтары холуннарыынан муҥурдаммыт.

Ааптар бу сырыыга башаринецтары  “Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ барбатахтара, 1941-1945 сылларга  норуот “чулуу” уолаттара  Г.П.Башарин, И.М.Романов, А.Е.Мординов, Г.Г.Макаров бронь кэтэҕэр олорбуттара, кыһыл тылларынан кыырбыттара” диэн уочараттаах дойҕоҕу саҕалаата, кинилэр сэрииттэн куоппуттара диэн  өйү-санааны норуокка соҥноото. Билиҥҥи көлүөнэҕэ саха норуотун киэн туттар дьонун туһунан итинник ньэгэй өй-санаа олохсуйан хаалыа диэммит,  кинилэр тустарынан дьиҥнээх чахчылары кэпсииргэ күһэлиннибит.

Сэриигэ бараары  көрдөһүү  суруйбута

Иван Михайлович Романов  бэйэтэ тылланан сэриигэ бараары  көрдөһүү  суруйбута. Куорат военкоматыттан бэбиэскэ кэлбитэ. Ол иһин баттаҕын кырыйтаран, куруускатын, миискэтин, луоскатын суулаан, сотторун уонна мыылатын, бары малын үрүксээккэ хаалаан байанкамаакка тиийбитэ. Мэдиссиинискэй хамыыһыйаҕа кирбитигэр, бу эрэ иннинэ кини сүрэҕин эмтээбит бырааһа Александров ( хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ): “Маннык сүрэхтээх киһи аармыйаҕа барбат”,— диэн үүрэн таһаарбыта. Онон аармыйаттан сыыйыллан хаалбыта.

Сэрии эрэ иннинэ эрэпириэссийэлэнэн, сыл кэриҥэ хаайыыга сытан тахсыбыт И.М.Романов маннык дуоһунастарга үлэлээбитэ: 1940-1942 сылларга – куоракка орто оскуола дириэктэрэ, 1942-1943 сылларга – педучилище дириэктэрэ, 1943-1956 сылларга – пединститут, 1956-1978 сылларга  университет преподавателэ (көр: В.Скрябин-Идэлги. Иван Романов. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – с.64;  Профессора ЯГУ. — Якутск: Бичик, 2001. – с.270-273).

Онон,  устуорукпун диир  Оруоһун биллиилээх профессоры халлаантан ылан холуннарбыт.

 “Оччоҕо институттарбытын  сабабыт  дуо?”

Авксентий Егорович Мординов  эмиэ сэриигэ бара сатаабыта, ону ыыппатахтара. Сэрии саҕаламмытын истэн, 1941 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр педагогическай, учительскай институттар итиэннэ педрабфак учууталларын уонна үөрэнээччилэрин холбоһуктаах  миитиннэрэ буолбута. Бу миитиҥҥэ пединститут үөрэҕин чааһын сэбиэдиссэйэ И.А.Мельников, доцент А.Е.Мординов, преподавателлэр П.М.Корнилов, И.К.Федоров, П.Е.Торговкин, уо.д.а. баҕа өттүлэринэн сэриигэ баралларын биллэрбиттэрэ. Ол эрээри А.Е.Мординовы байыаннай хамыыһыйа тохтоппута:

Туох да байыаннай бэлэмнэнииҥ суох, саллаат буолар киһи элбэх. Преподавателлэр бары сэриигэ бардаххытына, устудьуоннарбытын кимнээх үөрэтэллэрий, институттарбытын оччоҕо сабабыт дуо? Ол-бу буолбакка, институккар үлэлээ, манна, тыылга, эмиэ байыаннай-политическай, идеологическай үлэһит наада”,— диэн аармыйаттан сыыйбыттара (Якутский Государственный университет. — Якутск, 1984.— с.75).

Онон, Оруоһун биллиилээх бөлөһүөгү “бронь кэннигэр саспыта” диэн холуннаран сымыйалаабыт. Сэрии да кэмигэр БСК(б)П  уонна сэбиэскэй былаас ыытар ис национальнай бэлиитикэлэригэр сөп түбэһиннэрэн,  аҕыйах ахсааннаах  омуктар адьас тарбахха баттанар  ахсааннаах  научнай интэлигиэнсийэлэрин  бэрэстэбиитэллэрин  сэриигэ маассабайдык хомуйбатахтара. Маннык бэлиитикэ баарын Л.И.Рожин оройдоппотох.

 Тыыннаах хаалбытыгар махтал

Георгий Прокопьевич Башарин  эмиэ сэрииттэн куоппатаҕа, бронь кэннигэр саспатаҕа. Кини сэрии эрэ иннинэ Крымҥа  Ялта куоракка үстэ төхтүрүйэн оҥоһуллар тыҥа эпэрээссийэтин (торакопластика)  ааспыта. Ыалдьар уҥа тыҥатын ыган күүскэ үлэлэтээри  уҥа ойоҕоһун 11 уҥуоҕун эрбээн кылгаппыттара. Түөһүн сабардама аччаан, ыгыллыбыт тыҥа күүскэ үлэлээн, тыынар уорганнарын тымырдара, кылаапаннара  сөптөөхтүк үлэлээн барбыттара – Георгий Прокопьевич тыыннаах хаалбыта. Ол эрээри, ыарыһах буолан, Г.П.Башарин байыаннай учуокка туруоруллубатаҕа, байыаннай эбээһинэһэ суоҕа.

Байыаннай кэмнээҕи сокуон ирдэбилинэн

Оруоһун бигэргэтиитинэн, сэриигэ барартан куоппут, «бронь кэтэҕэр саспыт»  төрдүс киһинэн  профессор Гавриил Георгиевич Макаров эбит.  Холуннарааччы бу бигэргэтиитэ эмиэ барыта сымыйа. Г.Г.Макаров  Учууталлар институттарын устуоруйа салаатыгар  икки сыл үөрэнэн, 1940 сыллаахха  хамыыһыйа анааһынынан  Орто Халыма оройуонугар учууталлыы барбыта. Итинтэн ыла  1944 сыллаахха диэри  Үөһээ, Орто халымалар оскуолаларыгар учууталынан, саабыһынан үлэлээбитэ. Биллэрин  курдук, өрөспүүбүлүкэ хотугу оройуоннарыттан сэриигэ маассабайдык ыҥырыы буолбатаҕа. Учууталлары, быраастары, сэбиэттэр, артыаллар бэрэссэдээтэллэрин, тэрилтэлэр салайааччыларын ханна да ыыппаттар, оройуон таһыгар көҥүлэ суох таһаарбаттар, олохтоох каадырдар төрүкү тиийбэттэрэ. Онон Г.Г.Макаров сэриигэ хайдах да барар кыаҕа суоҕа – хотугу оройуоннары каадырдарынан хааччыйыыга  байыаннай кэмнээҕи сокуон уонна бэрээдэк  оннук этэ. Ханнык да бронь кэтэҕэр саспатаҕа.

Бэрт эрэйинэн,  1944 сыл күһүн баартыйа райкома Г.Г.Макаров үрдүк үөрэҕи бүтэрэрин көҥүллээбитэ. Онон 1945 сыл саас, биир сыл иһигэр икки куурус бырагыраамаларын баһылаан, бары эксээмэннэрин, зачеттарын экстернат систиэмэтинэн туттаран,  пединституту  ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Ити сыл күһүн баартыйа обкуомун бюрота Москваҕа аспирантураҕа ыыппыта.  1949  сыллаахха диссертациятын көмүскээбитэ.

Рожин  “саҥа  жанра”  туох  диэн  ааттанарый?

Онон , бу ааттаммыт түөрт учуонай сэригэ барартан куоппатахтара, бронь кэтэҕэр олорботохторо. Бу – холуннарааччы  Л.И.Рожин уочараттаах дойҕоҕо. Олохтон туораабыт историктары уонна суруйааччылары  Рожин холуннарбыта, сойуоласпыта 7-8 сыл буолла. Өлбүт киһини үөҕүү уонна тэпсии кини баһылаабыт идэтэ буолла, суруналыыстыка  “саҥа жанра” үөскээтэ.

Л.И.Рожин төрүттээбит саҥа жанра туох диэн ааттанарый?  Англия биир улуу судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Уинстон Черчилль сытыы уонна бэргэн этиилэринэн биллэрэ.  Ол курдук  1938 сыллаахха А. Гитлер Чехословакияны урусхаллаабытын туһанан  кыракый Польша чехтэр  таас чохтоох Тешинская Силезия диэн сирдэрин былдьаан бэйэтигэр холбоммута. 1945 сылга аны кыайтарбыт Германия Нейссе өрүс арҕаа эҥээринээҕи сирин  ылбыта.  Кыайтарбыт дойдулар сирдэрин былдьыыр Польшаны Черчилль ол иһин: “Өлүгүнэн аһылыктанар Европа гиената”, — диэн  олус бэргэнник ааттаабыта.  Бу кэнниттэн “Гиена” диэн тиэрмин  политологияҕа уонна устуоруйаҕа  бигэтик киирбитэ.

Олохтон туораабыт буоланнар, элбэх саха учуонайдара уонна суруйааччылара  Лазарь Рожинтан элбэхтик үөҕүлүннүлэр. Кинилэр  “дьаарай башаринецтар”,  “Башарин попугайдара”,  “Башарин өрүөллэрэ”,  “Башарин мохсоҕоллоро”, уо.д.а. ааттаах өлбүт кыыллар уонна көтөрдөр  буолан бардылар. Бу курдук олохтон туораабыт дьону үрдүлэриттэн тэпсэр, бэйэтин “айымньыларыгар” сокууска оҥостор  наука түөкүнэ, өлүгүнэн аһылыктанар ытырыык ыт – Лазарь Рожин диэн гиена баар буолла.

Тыһыынчата  сымыйалаабытыҥ  кырдьыкка  кубулуйуон сөп

Саха аптаныамыйата төрүттэммитэ  100 сылын бэлиэтиир кэммитигэр, сахалар экономикаҕа, наукаҕа, литератураҕа уонна искусствоҕа  элбэх ситиһиилээхпит, үгүс чулуу дьоннордоохпут диэн киэн туттар кэммитигэр, Л.И.Рожин курдук гиеналар  П.А Ойуунускайтан саҕалаан, үгүс бастыҥ дьоннорбутун сирэй-харах анньан, буорга тэпсэн, бөххө быраҕан, хоруотаан бүтэрдилэр. Дэлэҕэ,  ньэгэйтэн кэлэйэн кинини, кини курдуктары кытта  ким да аахсыбат, быһаарсыбат буолла. Онтон тэбиэһирэн ньэгэй  Рожин устуоруйаҕа, литератураҕа туох да саҥаны оҥорбот  түөкүннүү суруйуулара элбээн иһэр.

Иэдээммит атыҥҥа сытар. Кытайдар этэллэринии, ханнык баҕарар сымыйаны, холуннарыыны тыһыынча төгүл хатылаатахха, кырдьыкка кубулуйар. Билиҥҥи ааҕааччылар устуоруйа уонна литература боппуростарыгар сонурҕаан, сенсация оҥорон  Л.Рожин суруйууларын ааҕаллар,  кырдьыкка ылынан иҥэринэллэр. Хата, дьолго диэххэ дуу, билиҥҥи ыччат хаһыаты аахпат. Онон үөрэх кыһаларыгар ылар кырдьыктаах  билиилэрин сөҥөрдүнэллэригэр  хаһыаты ааҕан харааччы буккуллубаттара туһалаах курдук…

Николай  Николаев, үлэ  бэтэрээнэ .

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: