Учуонайдар тириини эмтиир саҥа ньыманы булбуттар
Карбонат кальций гормональнай препараттарын уонна микроскопическай чаастарыгар олоҕуран тирии ыарыытын эмтиир саҥа тиһиги Н.Г. Чернышевскай аатынан Саратовскай национальнай чинчийэр судаарыстыбаннай үнүбэрситиэт учуонайдара оҥорбуттар.
Тириигэ сотуллар саҥа эмп түргэнник эмтиир уонна уһунук дьайар эбит. Бу туһунан РИА Новости суруйар.
Учуонайдар бэлиэтииллэринэн, билигин тирии сүһүрүүлэрин глюкокортикостероидтар киэҥник туһаныллаллар. Ол эрээри, бу кылаас эмтэрэ уһун туһаннахха хроническай ыарыыларга тиэрдиэн сөп.
Куһаҕан дьайыытын аҕыйатар туһугар глюкокортикостероидтар көмөлөрүнэн эмтээһин саҥа ньымалара оҥоһуллаллар. Холобур, быһаччы тириигэ эми сотор оннугар наадалаах эми-тому түргэнник тиэрдиигэ анал матырыйааллартан оҥоһуллубут микроноситель туһаныллар. Учуонайдара бетаметазондипропионат туһанарга саҥа тиһиги оҥорбуттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: