Учуонайдар Баатаҕай кратера өссө эбии улааппытын бэлиэтээтилэр

Учуонайдар Баатаҕай кратера өссө эбии улааппытын бэлиэтээтилэр

Ааптар:
08.05.2024, 20:30
Хаартыска: Reuters
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр Баатаҕай кратера ууллан, кэнники өссө эбии улааппытын бэлиэтээтилэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ ирбэт тоҥ кратера сыл ахсын 12 миэтэрэ кэҥиир.

Бу дьайыыны хайдах да гынан тохтотор кыах суох. Москватааҕы судаарыстыбаннай үнүстүүт, Мельников аатынан РАН Ирбэт тоҥу үөрэтэр үнүстүүт учуонайдара уонна Германияттан биир идэлээхтэрэ этэллэринэн, бу көстүү ирбэт тоҥ түргэн тэтимнээх ириитин төрүөтүттэн тахсар. Билигин Баатаҕай кратерын кэтитэ 990 миэтэрэҕэ тиийдэ, ол эбэтэр кэнники уон сылга 200 миэтэрэ улааппыт. Учуонайдар сотору кэминэн кратер кэтитэ муҥутуур кээмэйигэр тиийиэҕэ дииллэр.

Хаартыска: Reuters

Уонна 10-15 сылынан кратер кытылын буора, сирэ (почвата) иһигэр түһүөн сөптөөҕүн сабаҕалыыллар.
Баатаҕайга кратер ууллуутун сүрүн төрүөтэ – тыаны кэрдээһин уонна бэлэмнэммит маһы таһар суол баар буолуута. Тыа кэрдиллэн тахсыбыт аһаҕас сир итийэн, суол устун уу сүүрэн барбыт, онтон салгыы улахан сиҥнии буолан тахсыбыт.
Баатаҕай кратера Саха сиригэр Үөһээ Дьааҥы улууһугар Баатаҕай бөһүөлэгиттэн 10 км ыраах тэйиччи сытар.

+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
+1
6
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: