Учуутал уонна уһуйааччы сылын түмүктэрин таһаардылар

Share

Ахсынньы 7 күнүгэр А.Пушкин аатынан Нуучча судаарыстыбаннай академическай драматическай тыйаатырыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Учуутал уонна уһуйааччы сылын түмүктэригэр аналлаах «Весь этот мир творит Учитель!» үөрүүлээх биэчэр буолла.


«… Биһиэхэ, Саха сиригэр, 190-тан тахса учуутал династията уонна тыһыынчаттан тахса  уопсай ыстаастаах дьиэ кэргэттэр бааллар. Бу  — дириҥ ытыктабыл уонна учуутал үлэтигэр утумнааһыҥҥа сүгүрүйүү. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ уһуйааччы систиэмэтэ киэҥник киллэриллэр, манна алта тыһыынчаттан тахса учуутал кыттар. Учуутал уонна уһуйааччы сыла саҥа үгэстэри үөспэппитигэр, эһиги маастарыстыбаҕыт үрдүүрүгэр көҕүлээһин оҥоһуллубутугар эрэллээхпин. Бу олус улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, биһиги оҕолорбут ханнык билиини ылалларыттан, дьиҥнээх патриоттары хайдах иитэрбититтэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонн бүтүн дойду инникитэ быһаччы тутулуктаах», -– диэн Ил Дархан Айсен Николаев  бэйэтин эҕэрдэтигэр тириэртэ.
Арассыыйа үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов видеонан эҕэрдэтигэр учууталлар чэпчэкитэ суох үлэлэрин иһин дириҥ ытактабылын уонна билиниитин тириэртэ уонна быйыл дойдуга саҥа үчүгэй үгэстэр, бастатан туран, «Учууталга махтал» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа, баар буолбуттарын бэлиэтээтэ.
Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар уопсай үөрэхтээһин, орто үөрэх уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр уһуйааччы систиэмэтэ киллэрилиннэ, онно 6,8 тыһыынчаттан тахса учуутал (ол иһигэр, 35-гэр диэри саастаах 2,4 тыһыынча эдэр учуутал уонна үс сылга диэри ыстаастаах 1,2 тахса эдэр учуутал) хабылынна.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 36 учууталга -– хас биирдии муниципальнай тэриллии уонна куорат уокуругун уһуйааччытыгар 100 тыһыынча солкуобай суумалаах Ил Дархан граннара аан бастаан олохтонон туттарыллыбыттара.
Ону таһынан 100 учууталга идэтигэр ситиһиитин  иһин 100 тыһыынча суумалаах анал бириэмийэлэр туттарыллыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата эдэр учууталлары өйүүр саҥа аадырыстаммыт көмөнү -– айан барар-кэлэр ороскуотун сабарга биир кэмнээх төлөбүрү олохтообута. «Бочуоттаах уһуйааччы» диэн Үөрэх уонна наука министиэристибэтин бэлиэтэ олохтоммута. Ону таһынан муниципальнай оройуоннар уонна куорат уокуругун учууталларыгар уонна уһуйааччыларыгар бириэмийэлэр, граннар, бочуотунай бэлиэлэр туттарылыннылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ учууталлар бастыҥ үөрүйэхтэрин тарҕатан, федеральнай былаһааккаларга көхтөөхтүк кытынна.
«Арассыыйа бастыҥ учуутала – 2023» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус лауреатынан Горнай улууһун Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын физикаҕа учуутала Иван  Дьяконов;
«Арассыыйа төрөөбүт тыл бастыҥ учуутала-2023″  Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус лауреатынан  Бэрдьигэстээх орто оскуолатына саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Кэскилээнэ Лукина;
«Арассыыйа бастыҥ дириэктэрэ-2023»   Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус финалиһынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх орто оскуолатын дириэктэрэ Ольга Колмакова буоллулар.
«Үөрэхтээһин флагманнара» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска Нерюнгри куорат 1 №-дээх гимназиятын учууталлара Ирина Гончарова уонна Юлия Самсонова, Анаабыр үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Любовь Елисеева өрөспүүбүлүкэни дьоһуннаахтык билиһиннэрдилэр.
Сыл устата араас пуорумнар, научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэлэр, идэҕэ куонкурустар, учуутал идэтин утумнааччылары уонна бэтэрээннэри чиэстээһин, бэстибээллэр, марафоннар, идэни үрдэтии куурустара, стажировкалар уо.д.а. тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Сыл саамай улахан тэрээһинигэр -– учууталлар декадаларыгар 30 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна. Муниципальнай тэриллиилэргэ 1,4 тыһыынча кэриҥэ араас тэрээһин ыытылынна.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан

Хаартыскаларга Мария Васильева түһэриилэрэ, СИА
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

15 часов ago