Учууталга анаабыт хоһоонум
Сэбиэскэй кэмҥэ, ааспыт үйэ 1950-1960-с сылларыгар биһигини, хоту, тыа сирин оскуолатын оҕолорун, талан ылбыт идэлэрин баһылаабыт, үлэлэригэр бэриниилээх, эргиччи дьоҕурдаах бэртээхэй учууталлар үөрэппиттэрэ.
Кинилэр тустаах үлэлэрин таһынан нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр-хамнаһыгар көхтөөхтүк кытталлара, бары үтүө дьыалаларга, саҥаны олоххо киллэриигэ инники күөҥҥэ сылдьаллара.
Мин Абыйга Муҥурдаах оскуолатыгар 1955-1964 сс. үөрэммитим. Оскуолабар, учууталларбар анаан “Төлкөбүн төрүттэспит түгэннэртэн” кинигэни суруйбутум. Онно учууталларым хаартыскаларын сыһыаран кинилэри кылгастык сырдаппытым.
Бу, учууталга анаабыт хоһоонум, оччотооҕу тыа сирин учууталын түмүллүбүт уобараһа буолар. Тоҕо бу хоһоону суруйдум? Быйыл, 2023 сыл – Учуутал уонна уһуйааччы сыла. Саҥа кэм учууталлара сэбиэскэй кэм учууталларын үтүө үгэстэрин билиэхтээхтэр, олорго тирэҕириэхтээхтэр. Хомойуох иһин, ол билигин ситэ сырдатыллыбат, сыаналаммат. Дьэ, ол иһин мин бу хоһооммун тыа сирин сэбиэскэй учууталыгар анаатым.
Сэбиэскэй кэмнээҕи учуутал
Тыа сиргэ олоҕун, үлэтин
Билиҥҥи көлүөнэ дьонноро
Кэмчитик билэллэр, истэллэр.
Учууталга
Сарсыарда эрдэһит чыычаахтыы
Учуутал үлэтин саҕалыыр
Мас мастыыр, уу баһар, хаар күрдьэр
Олоҕун-дьаһаҕын тэринэр.
Оскуола боруогун атыллаат,
Сүрэҕэ үөрүүнэн туолара,
Кэтэспит харахтар кинини
Эҕэрдэ тыллардаах көрсөллөр.
Билиини кэлимник тарҕатан,
Үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйан,
Учуутал оҕону күннэтэ
Олоххо кичэйэн бэлэмниир.
Чуораанныы чугдаарар саҥатын,
Туттарын-хаптарын барытын
Болҕойон истэрим, көрөрүм
Кинини аанньалга тэҥниирим.
Биһиги учуутал убайбыт —
Баяҥҥа дьиэрэтэн оонньооччу,
Кулуупка лиэксийэ ааҕааччы,
Биэчэргэ үҥкүүлээн тэйээччи.
Тыыппалаах учуутал убайбыт –
Хайыһар күрэҕэр кыттааччы,
Биэтэккэ бастакы кэлээччи,
Дуобакка хотуулаах тахсааччы.
Өрөбүл күннэри көтүппэт
Уопсайга күүрээннээх үлэҕэ
Кыайыылаах-хотуулаах учуутал
Өрүүтүн көхтөөхтүк кыттааччы.
Айылҕа оҕото учуутал
Бултуурун-алтыырын сөбүлүүр,
Уһанар идэҕэ дьоҕура
Нэһилиэк дьоннорун сөхтөрөр.
Үтүөкэн учуутал убайбыт
Оҕоҕо, ыччакка, бар дьоҥҥо
Сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар
Үчүгэй холобур буолара.
Көлүөнэм дьонноро билигин
Учуутал убайы өйдүүллэр
Махталлаах тыллардаах хоһооммун
Киниэхэ анааммын суруйдум.
Николай РЕБРОВ, суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: