Учууталлар сийиэстэригэр биир дьиэ кэргэнтэн икки дэлэгээт кытынна
Дьокуускайга Аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар төрөөбүт тылларын, литэрэтиирэлэрин уонна култуураларын учууталларын бастакы сийиэһэ түмүктэннэ. Сийиэстэн биир ураты түгэни үйэтитэн ааһыахпын баҕарабын. Бу, биир дьиэ кэргэнтэн икки дэлэгээт — ийэлээх кыыс кыттыылара буолар. Кинилэр кимнээҕий?
Түмүктүүр тэрээһин иннинэ учууталлартан, иитээччилэртэн сийиэс туһунан санааларын ыйыталаһаары одуулуу турдахпына, хараҕым далыгар истиҥ мичээрдээх, ыраах Өймөкөөн улууһун Үчүгэй сэлиэнньэтиттэн кэлбит билэр киһим ырааҕынан элэҥнээн ааһар. Ирина Винокурованы өрөспүүбүлүкэҕэ билбэт киһи, бука, суоҕа буолуо. Күн бүгүҥҥэ диэри ат үрдүттэн түспэт сылгыһыт, айылҕаттан кэрэ куоластаах ырыаһыт, хас да оҕо, сиэн тапталлаах, хорсун ийэтэ, эбэтэ, саха атынан хас да тыһыынча килэмиэтири айаннаан Москваҕа тиийбит Дугуйдан Винокуров ийэтэ буолар.
“Тус бэйэм санаабар, сийиэс олус көдьүүстээх буолла. Сийиэс кэмигэр бэйэм дьоммун көрсөн, эбээннии кэпсэтэн дуоһуйдум. Маастар-кылаастарга сылдьан биир идэлээхтэрим үлэлэригэр бэриниилээхтэрин, кыһамньылаахтарын өссө төгүл итэҕэйдим. Үөрэтии, уһуйуу саҥа маастарыстыбаларын көрдүбүт. Оҕону төрөөбүт тылыгар сыһыарыы уһуйаан саастан барыан наада.
Биһиэхэ таба баар эрээри, эбээн тыла сүттэ. Үөрэнээччилэрбит төрөөбүт тылларын билбэт, сахалыы тыллаах оҕолор. Ол иһин кинилэри хоһоон, ырыа нөҥүө үөрэтэбин. Сийиэс иитинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ атын уһуйааччылар хайдах үлэлииллэрин көрдүбүт, дойдубутугар тиийэн үлэни хайдах ыыттахха ордук көдьүүстээх буолуон, инникитин хайдах буоларбытын толкуйдатар түгэннэри бэлиэтии көрдүм”, — диэн Өймөкөөн улууһун П.В. Заболоцкай аатынан Үчүгэй орто оскуолатын эбээн култууратыгар уонна үгэстэригэр уруогу таһынан дьарык уһуйааччыта Ирина Христофоровна кэпсиир.
Биһиги кэпсэтэр тылбыт – саха тыла. Онон эбээн тылыгар уруок чааһын, хамнас көрүллүүтүн туруорсабыт диэн этэр.
“ФГОС-нан уруогу таһынан дьарык уһуйааччыларыгар тылга аналлаах куурустар ыытыллаллара буоллар диэн баҕалаахпыт. Эдэрдэр атын улуустар уопуттарын көрөн үгүһү иҥэринэллэрэ эмиэ улахан суолталаах. Ол эрээри, сорох улуустартан Дьокуускайга кэлэллэригэр айаннарын төлөбүрэ ыарахан, уустуктардаах, кыаллыбат түгэнигэр улууска бэйэтигэр тиийэллэрэ бэрт этэ”, — диэн эбэн этэр.
Кэпсээтиибит быыһыгар Ирина Христофоровна сийиэскэ төрөппүт кыыһын кытта кэлбитин этэн аһарбытын тута үөрэ истэбин. Хас сийиэс аайы, буолаары буолан хотугу норуоттар учууталларын сийиэһигэр биир дьиэ кэргэнтэн икки дэлэгээт кыттара ханна да суох түгэн. Онон түгэни мүччү туппакка тута кэпсэтэргэ сананабын.
София Семеновна уһуйааҥҥа быйылгыттан үлэлээн эрэр эбит. Хабаровскайга Уһук Илиҥҥи суол-иис судаарыстыбаннай университетыгар электроснабжение идэтигэр үөрэммит эрээри, дууһата сыппакка, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэскэ идэтин хайысхатын уларытан, иитээччинэн үлэлээн эрэр. Эдэр исписэлиис быһыытынан үлэҕэ көхтөөҕө, саҥа, сонун сүүрээни көрдүүрэ тута биллэр.
“Тус бэйэм сийиэскэ кэлэн элбэҕи туһанным, билбэтэхпин биллим, көрбөтөхпүн көрдүм. Дьокуускай куораттааҕы “Мичээр” уһуйааҥҥа иитээччилэр уопуттарын үллэһиннилэр, сиһилии кэпсээтилэр. Миэхэ, саҥа үлэлии киирбит киһиэхэ туох ньыманы туһаналлара, тугу туһаналлара барыта интэриэһинэй. Оҕолорбут сахалыы тыллаахтар, эбээн тылын билбэттэр. Өҥтөн-дьүһүнтэн, кыылтан-сүөлтэн, дьыл кэмиттэн саҕалаан тыллары үөрэтиини сыыйа уустугурдан иһэбит. Барыта оонньуу көрүҥүнэн буолан син ылыналлар.
Сийиэс кэмигэр оҕо төрөөбүт тылынан саҥарарыгар, тылы ылынарыгар дуу, ылымматыгар дуу төрөппүт көмөтө улахан оруоллаах диэн этиини биһирии иһиттим. Тоҕо диэтэххэ, сорох төрөппүт ийэ тыл хайдах курдук суолталааҕын болҕомтоҕо ылбат.
Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарга аналлаах бу курдук тэрээһиннэр инникитин тиһигин быспакка ыытылла тураллара үчүгэй буолуо этэ” – диэн Үчүгэй сэлиэнньэтин “Тугутчаан” уһуйаанын эбээн тылыгар эдэр иитээччитэ София Филиппова санаатын үллэстэр.
Ити курдук, кыыстаах ийэ София Семеновна, Ирина Христофоровна эбээн тыла чэчирии сайдарын, оҕолор төрөөбүт тылларынан сайа кэпсэтэллэрин туһугар биирдэрэ оҕо саадыгар, иккиһэ оскуолаҕа күннэтэ сыраларын уурар уһуйааччыларынан буолаллар.
Винокуровтар дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ Ирина Винокурова “Саха сирэ” хаһыакка интервьютун бу сигэни баттаан ааҕыаххытын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: