Учууталлар сийиэстэрин иитинэн массыынанан үөрэх тэрилтэлэрин кэритиэхтэрэ
Бүгүн, алтынньы 6 күнүгэр, СӨ учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV “Открытое образование – пространство возможностей” сийиэһин иитинэн, массыынанан үөрэх тэрилтэлэрин кэритиэхтэрэ (автотур).
Сийиэс делегаттара биэс хайысханан Дьокуускай куорат уонна Жатай оскуола иннинээҕи, эбии, уопсай, орто анал үөрэхтэрин тэрилтэлэригэр сылдьыахтара.
Уопсайа, 21 үөрэх тэрилтэтин кытта билиһиннэриэхтэрэ. Ол курдук, «Сардаана», «Цветик – семицветик», «Северные звездочки», «Журавлик», «Туллукчаан», «Парус» уһуйааннарынан, Дьокуускай куорат 9-с, 10-с, 13-с, 35-с нүөмэрдээх оскуолаларынан, «Айыы Кыһата», Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияларынан, Саха политиэхиньиическэй лиссиэйгэ, Дьокуускайдааҕы сибээс уонна энэргиэтикэ, Индустриальнай-педагогическай, ХИФУ инфраструктурнай технологияларга, Технология уонна дизайн, Мэдиссиинэ кэллиэстэригэр, Жатайдааҕы тиэхиньикумҥа, Оҕо дыбарыаһыгар, «IT-куб» сыыппара үөрэҕин киинигэр сылдьыахтара. Өрөспүүбүлүкэ педагогтара уһуйааннар, оскуолалар, лиссиэйдэр, кэллиэстэр уонна тиэхиньикумнар мастарыскыайдарын үлэлэрин, бастыҥ быраактыкаларын кытта билсиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: