Учууталларга саҥа үлэ чааһын нуорматын бигэргэттилэр

Share

Үөрэҕирии министиэристибэтэ педагогтарга үлэ чааһын нуорматын бигэргэттэ. Аны учууталларга хамнас ыстаапката нэдиэлэҕэ 18 чаастаах үөрэтэр үлэттэн көрөн ааҕыллар буолуоҕа.

«Учууталларга хамнас ыстаапкатыгар нэдиэлэҕэ 18 чаастаах үөрэтэр үлэ нуормата олохтонно», — диэн докумуоҥҥа этиллэр. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.

Биэдэмистибэҕэ бэлиэтээбиттэринэн, үлэ кэмин уһуна дуоһунастан уонна идэ таһымыттан тутулуктаах. Ноҕурууска кээмэйэ үөрэх дьылын саҕаланыытыгар үөрэх тэрилтэтинэн сыл ахсын бигэргэниэҕэ.

Оттон атын категориялаах педагогтарга туспа нуормалар олохтоннулар. Оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ, педагог-психологтар уонна социальнай педагогтар ыстаапка нуорматынан нэдиэлэҕэ 36 чаас үлэлиэхтэрэ, физкултуура инструктордара уонна иитээччилэр — 30 чаас, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор иитээччилэрэ — 25 чаас. Учуутал-дефектологтарга уонна логопедтарга 20 чаас, оттон муусука салайааччыларыгар уонна концертмейстердэргэ — нэдиэлэҕэ 24 чаас көрүлүннэ.

Урут Үөрэҕирии министиэристибэтэ  балаҕан ыйын 1 күнүттэн 1-4 кылаас үөрэнээччилэригэр үөрэх муҥутуур ноҕуруускатын олохтообута: кылааһыттан тутулуктанан, нэдиэлэҕэ 20-тэн 26 чааска диэри. 1-гы кылааска — 20-21 чаас, 2-с кылааска — 23-26 чаас, 3-с уонна 4-с кылаастарга — эмиэ 23-26 чаас.

Биэс эбэтэр алта күннээх үөрэх нэдиэлэтигэр 4 сыл иһигэр үөрэх чааһын уопсай ахсаана 2966-тан аҕыйах уонна 3305-тэн элбэх буолуо суохтаах.

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

10 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

11 часов ago