Учууталтан – пиэрмэргэ
Ханнык баҕарар уустук кэмҥэ ыал биир санааны ылыннаҕына, ыарахаттары этэҥҥэ, чэпчэкитик туоруур. Ол туоһутунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Дмитрий уонна Парасковья Терентьевтар буолаллар.
Олох оҥкулун уларыйыыта
Парасковья Терентьева 2003 сыллаахха Хаптаҕайга химия учууталынан үлэлии кэлбитэ. Кэргэн тахсан, икки оҕолонон быр-бааччы олохтоох ыал ийэтинэн буола түспүтэ. Онтон кэргэнэ үлэлии сылдьыбыт Хаптаҕайдааҕы собуот сабыллан, аҕалара үлэтэ суох хаалар балаһыанньаҕа түбэспитэ. Терентьевтар толкуйданан баран, 2016 сылтан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, ынах сүөһү иитиитинэн дьарыктанарга санаммыттара. Ити курдук, ыал ийэтэ учуутал идэтин уларытан, бары кыаҕын, күүһүн бааһынай хаһаайыстыба салаатыгар туһаайбыта.
– “Киһи олоҕор дьиэ кэргэнин тутула удьуорданан, утумнанан иһэр майгылаах буолар” диэн сөпкө да этэллэр эбит. Төрүттэрбитигэр иистэнньэҥ, уус идэлээх, айар куттаах, асчыт дьону таһынан, эмтээһин, үөрэҕирии эйгэтигэр суол-иис хаалларбыт дьоннордоохпут. Олор быыстарыгар сүөһү-сылгы иитиитигэр ураты сыстаҕас буолан, күүстээх үлэҕэ олохторун анаан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт дьон эмиэ аҕыйаҕа суох. Онон да буолуо, биһиги дьиэ кэргэн атын эйгэҕэ үлэлии сылдьан, олохпут оҥкулун тосту уларыппыппыт”, – диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр Парасковья Терентьева.
Төрөппүт өйөбүлэ
Бастаан утаа эдэр ыалы икки өттүттэн төрөппүттэрэ өйөөбүттэр – биирдии ынаҕы анаабыттар.
Үлэни өрө туппут төрөппүттэрэ үтүө санааларынан оҕолоро саҥа ылсыбыт дьыалаларын бастакынан өйөөбүттэрэ. Дмитрий ийэтэ Евдокия Акимовна Хаптаҕайга өр сыл фермаҕа бастыҥ көрдөрүүлээх ыанньыксытынан үлэлээбит уопуттаах. Парасковья ийэтэ Тааттаттан төрүттээх, туппута эрэ барыта табыллан иһэр сатабыллаах хаһаайка, биэс оҕо амарах ийэтэ Мария Канаева, аҕата, Уол Табаҕа төрүт олохтооҕо, алмааһы хостуур биир бөдөҥ тэрилтэ автокрановщига Егор Федоров күүс-көмө буолбуттарыгар Терентьевтар махталлара муҥура суох.
Билигин 40-ча ынах сүөһүнү кыстыкка киллэрээри олоробут, онтон ыанньыга 20-чэ төбө. Үрүҥ илгэни сылы эргиччи ыан Павловскайдааҕы үүт собуотугар туттарабыт. Икки сыл кэриҥэ үүт астан бэйэ сибиэһэй бородууксуйатын (сүөгэйи, суораты, иэдьэгэйи) набор оҥорон, быыһыгар быырпах, бурдук аһа атыылыырбытын дьон сүрдээҕин сэҥээрбитэ.
Бастакы хардыы
– Судаарыстыба өйөбүлүн хаһаайыстыба тэринээт да, туһаммыппыт. Бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэн үлэлээн эрэр дьоҥҥо анаан «Саҥа саҕалааччы пиэрмэр» бырагыраама баар эбит. Ол онно киирсэн, 1,5 мөлүйүөн суумалаах граны ылбыппыт, атахпытыгар турарга төһүү күүһүнэн буолбута. Кыстыкка саҥа киирэр үөрүүлээх күммүтүгэр нэһилиэк, улуус олохтоохторо, салайааччылара кэлэн алгыс тылларын анаабыттара. “Эркээйи”, “Саха сирэ” хаһыаттар дьоруойдарынан буолбуппут. Өссө “Саха” НКИХ суруналыыстара кэлэн устубуттара. Онон эбии ынах сүөһү атыылаһан, 20-чэ төбөнү этэҥҥэ кыстаппыппыт. Ол саҥа саҕалыыр сылбытыгар Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр биир ынахпыт “Бэлэх” диэн үчүгэйкээн оҕуһу төрөппүтэ. Ити курдук, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт салааҕа бастакы эрэллээх хардыыбытын оҥорбуппут, – диэн кэпсиир сэһэргэһээччим.
Бэйэ бородууксуйата
Икки ынахтан үлэлэрин саҕалаабыт Терентьевтар сүөһүлэрин ахсаанын 60-ча төбөҕө тиэрдэ сылдьыбыттар. Онтон ыанар ынаҕа – 23 төбө. Түргэнник ситэр салааҕа эмиэ ылсыбыттар. Барыны бары толкуйдуу, тобула сылдьар аныгы көлүөнэ дьоно индоутка, подсадной кус, сымыыттыыр куурусса бииһин ууһун инкубаторга таһааран иитэн көрбүттэр.
– Билигин 40-ча ынах сүөһүнү кыстыкка киллэрээри олоробут, онтон ыанньыга 20-чэ төбө. Үрүҥ илгэни сылы эргиччи ыан Павловскайдааҕы үүт собуотугар туттарабыт. Икки сыл кэриҥэ үүт астан бэйэ сибиэһэй бородууксуйатын (сүөгэйи, суораты, иэдьэгэйи) набор оҥорон, быыһыгар быырпах, бурдук аһа атыылыырбытын дьон сүрдээҕин сэҥээрбитэ. Бэйэм сүрэҕим баҕатынан хаһаайыстыба тэриллиэҕиттэн убаһа ылан, ат гына иитэн таһааран, миинэр миҥэ оҥосто сылдьабын. Аны сыспай сиэллээҕи үөрдээн иитэр сыаллаах көрөн-истэн саҕалаан эрэбит. Сүрүн уустук – ходуһабыт аҕыйах. Дьонтон “түүлэһэн” арыыга оттуубут. Уу кэлэр кэмигэр оттуурга ыарахаттардаах. Харыйалаах бааһынатыгар эбиэс ыһан күөх маасса үүннэрэбит. Бу сири олохтоох дьаһалтаттан арендаҕа ылбыппыт. Сылгыбыт кыһын арыыга сылдьар. Ынахтарбыт хаар түһүөр диэри оҕуруот бааһыналарыгар сылдьан үссэнэллэр. Эрдэ аһатыыга туруорбаппыт. Хаар халыҥаатаҕына, хотоҥҥо киллэриэхпит, – диэн санаатын үллэстэр Парасковья Терентьева.
Үлэнэн иитии
Терентьевтар икки оҕолоохтор. Уоллара Олег Хаптаҕай агрооскуола хайысхатынан үлэни дьүөрэлээн, тыа сирин оҕотун бары сатабылын иҥэриммит. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатынан Өктөмнөөҕү лиссиэй 11-с кылааһын үөрэнээччитэ. Физика учууталын Ирина Охлопкова салайыытынан дьоҕус мобильнай тэпилииссэни бырайыактаан, үлэтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инники хардыы» кэмпириэнсийэҕэ биһирэнэн, Москва куоракка Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ кыттан, 3-с миэстэ буолар чиэскэ тиксибитэ.
Кыыстара Алина сүүрүүгэ уонна хайыһарга улуус призера, чөмпүйүөнэ. Алдан куоракка ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ хайыһардьыт оҕолорун икки ардыларыгар ыытыллыбыт кросска – боруонса мэтээл хаһаайката. “Алинабыт – кынаппыт, көмөлөһө, барытын бүтэрэ-оһоро сылдьар хаһаайыстыбанньыкпыт. Сайын кини хонууга ньирэйдэрин кытта сырсан тэлээрэр, саха хааннаах оҕуһун Уйгуну миинэн ынахтарын бостууктуур, ынах ыан сыралаһар хаһаайыстыба тутаах үлэһитэ. Дьиэ кэргэҥҥэ биир кэпсээҥҥэ сылдьар холобурбут – кыыспыт кунан оҕуһа идэһэ буолар кэмэ тирээн кэлбитигэр, манньатын убаһа ыларга этии киллэрбитэ. Билигин ол убаһатын кытта бодьуустаһар – ииттэрэн, ат оҥостоору көрө-истэ, эрчийэ сылдьар. Үлэнэн иитии туһалаах ньыманы туһанан, оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн бэйэбитин кытта тэҥҥэ илдьэ сылдьан үлэҕэ такайабыт, төрүт дьарыкка уһуйабыт” диэн санаатын үллэстэр дьоллоох ийэ.
Көхтөөх ыал
Терентьевтар уопсастыбаннай үлэҕэ улахан көхтөөх дьон – араас тэрээһиннэргэ, соло буллаллар эрэ, өрүү кытталлар.
– 2021 сыллаахха «Дьиэ кэргэн — биир сомоҕо» диэн улуустааҕы бырайыакка кыттан, 1-кы миэстэни ылары ситиспиппит. Оскуола, нэһилиэк ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттабыт. Илиинэн оҥоһугу сэргиир буолан, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы эстэпиэтэ күрэҕэр быыстапкаҕа кыттан, дипломант, лауреат аатыгар тиксээччибит. Аҕабыт нэһилиэккэ волейболга бэтэрээн оонньооччу. Пиэрмэрдэргэ аналлаах араас сэминээрдэргэ сылдьан, уопут атастаһабыт. Татарстан, Алтай пиэрмэрдэрин, тыа хаһаайыстыбатын миниистирин, өрөспүүбүлүкэ салалтатын кытта көрсүһүүлэргэ сылдьан, элбэх саҥаны билэн-көрөн кэлбиппит үлэбитигэр үтүөнэн эрэ дьайар, – диэн дьиэ кэргэн ситиһиитин киэн тутта кэпсиир Парасковья Терентьева.
Ити курдук, учуутал идэтин уларытан, кэргэнин өйөөн, Парасковья Терентьева өрөспүүбүлүкэҕэ бааһынай хаһаайыстыбатын салаата сайдыытыгар дьоһуннаах кылаатын киллэрсэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: