Салгыы
Учууталы өрө тутан

Учууталы өрө тутан

25.01.2024, 13:30
Хаартыска. М.Павлова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Алампа аатынан Ытык-Күөл орто оскуолатыгар дойдуга биллэриллибит Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар үгүс үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Сыл саҕаланыаҕыттан уһуйааччы  сэбиэтэ тэриллэн,  былааннаах үлэни учуутал уонна уһуйааччы статуһун көтөҕөргө уонна кини үлэтин тупсарар сыаллаах  ситимнээх үлэ саҕаламмыта.

Олунньу ыйга Учуутал уонна уһуйааччы сылын аһыллыыта Таатта нэһилиэгин «Сарыал” Култуурунай киинигэр киэҥ далааһыннаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыбыта. Учууталларбыт онтон кынаттанан, өссө таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр сыал-сорук туруоруммуттара.  Сырдык санаанан салайтаран, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ  саҥалыы көрүүлэнэн, сонун хардыылары киллэрэн, үөрэхтээһин билиҥҥи ирдэбиллэригэр эппиэттиир  эйгэни тэрийэн,  сыл устата айымньылаахтык үлэлээтилэр.

Ол курдук, муус устар ыйыттан саҕалаан алын сүһүөх кылаас оҕолоругар  «Мин учууталым” диэн уруһуй күрэҕэ, орто уонна үрдүкү кылаас оҕолоругар «Мин олохпор учуутал оруола» диэн тиэмэҕэ өйтөн суруйуу ыытыллыбыттара. Бу күрэхтэргэ үгүс оҕо кыттыбыта. Кинилэр бэйэлэрин  суруйууларыгар учууталы аҕа табаарыс быһыытынан, истиҥ сыһыаннарын,  кинилэргэ сүгүрүйэллэрин биллэрэн аһаҕастык суруйбуттара.  Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн бириистээх миэстэлэр быһаарыллыбыттара, анал ааттар анаммыттара. Ону таһынан учууталлар үлэлэрин уопутун  көрдөрөр быыстапка тэриллэн, Норуот айымньытын дьиэтигэр турбута, киэҥ сэҥээриини ылбыта.

Сэтинньигэ оскуола салалтатын, настаабынньыктар  сэбиэттэрин  тэрийиитинэн оскуолабытыгар өр сылларга айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан ааспыт бэтэрээн учууталларбытыгар аналлаах «Чаҕылхай суоллаах учууталлар» диэн бэрт сэргэх ахтыы киэһэтэ буолбута. Бу тэрээһин үс түһүмэҕинэн ыытыллыбыта: «Умнуллубат үтүө ааттар», «Уһуйааччы – аҕа сүбэһит», «Ааспыты анааран». Оскуола аһыллыаҕыттан араас кэрдиис кэмнэргэ дьулуурдаахтык, айымньылаахтык үлэлээн, эдэр көлүөнэ ыччаты үөрэхтээһиҥҥэ, сүҥкэн кылааттарын киллэрбит, көмүс буукубанан суруллар учууталларбытын ахтан-санаан ааспыппыт. Методическэй холбоһуктар салайааччылара бэйэлэрин уһуйааччы учууталларын үлэлэрин, олохторун суолун киэҥник сырдаппыттара. Бэтэрээн учууталларбыт сырдык сулустуу күлүмнээбит дьоһуннаах олохторо, чаҕылхай суоллара-иистэрэ, үтүө ааттара оскуолабыт Албан аатын хоһугар үйэтитиллэн, үйэ-саас тухары умнуллубакка,  көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттана, ахтылла туруоҕа.

Алын сүһүөх кылаас учууталларын тэрийиитинэн, олоҕун оскуолаҕа анаабыт СӨ үөрэҕириитин туйгуна, ыстаарсай  учуутал, Учууталлар учууталлара, өр сылларга алын сүһүөх кылаастарга дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбит Бурцева С.С. сырдык кэриэһигэр анаан улуустааҕы кыра кылаастар учууталларыгар аналлаах методическай күрэх, үлэ уопутун атастаһыы үрдүк таһаарыылаахтык буолан ааспыта. Ону таһынан Светлана Семеновна туһунан «Олоҕун оскуолаҕа анаабыта» диэн ахтыы кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта.

Учуутал уонна уһуйааччы сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин тохсунньу 18 күнүгэр буолан ааста. Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Сунхалыров С.В., улуус дьокутааттарын  мунньаҕын салайааччыта Максимов П.П., улуустааҕы үөрэх управлениетын идэлээх сойуустарын председателэ Борисов П.В. буоллулар, бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.  Тэрээһин биир сонун көстүүтүнэн бэтэрээн учууталлар «Кыһыл көмүс» уруоктары ыыппыттара буолла. Оҕолорбут уруоктарга көхтөөхтүк  кыттан, санааларын аһаҕастык этэн, бэтэрээн учууталларбытыгар  махталларын биллэрдилэр.   Өр сылларга оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ айымньылаахтык үлэлээбит учууталлар кылааттара үрдүктүк сыаналанан, өрөспүүбүлүкэ, улуус уонна нэһилиэк салалталарын грамоталарынан, анал бэлиэлэринэн наҕараадаланнылар. Ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ кэлбит педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ үлэлээн, айан-тутан ааспыт, умнуллубат эдэр саастарын санаан долгуйдулар,  оскуолаҕа үлэлээбит далааһынннаах кэмнэрин, өйдөрүгэр-санааларыгар хатанан хаалбыт тыыннаах хартыыналара тиллэн кэлбиттэрин  астына-дуоһуйа ахтан-санаан аастылар.  Сирэйдиин-харахтыын сырдаан, дууһалыын сынньанан,  ааспыты анааран урукку сылларыгар түһэн ыллылар. Оскуола медиа-киинэ тута бэчээттээн таһаарбыт бэтэрээннэр ыыппыт уруоктарын өйдөбүнньүк хаартыскаларын бэлэх туттулар. Ис дууһаттан тэриллибит көрсүһүү буолла диэн оскуола салалтатыгар, настаабынньыктар сэбиэттэригэр, бары кыттыыны ылбыт учууталларга махтал тылларын анаатылар, оскуолабыт өссө да үүнэ-сайда турдун диэн сырдык санаанан, үтүө алгыһынан тарҕастылар.

Сыл устата учууталга уонна уһуйааччыга ананан ыытыллыбыт тэрээһиннэр учуутал  аатын өрө тутан,  үрдүк таһымнаахтык аастылар.

                                              Т.В.НИКИФОРОВА, Павлова М.Е.ПАВЛОВА, Алампа аатынан орто оскуола учууталлара

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: