Удаҕан соно дэниллэр булумньуну быыстапкаҕа көрдөрүүгэ туруордулар
Маннык булумньу Саха сирин археологиятыгар көстө илигэ уонна былыргы сиэри-туому толорууга кэтиллэр таҥас дэнилиннэ.
Дьокуускайга баар “Арассыыйа – мин устуоруйам” историческай пааркаҕа “Код предков – сквозь глубину предков” быыстапка аһылынна. Манна XVIII үйэҕэ Өлөөн улууһугар араҥаска көстүбүт оҕуруолаах сиэҕэ суох тоҥус соно дьон болҕомтотун тарта. Былыргы булумньу таба тириититтэн оҥоһуллубут, халаан күөх оҕуруонан киэргэтиллибит. Быһа холуйан, эбэҥки удаҕанын соно буолуон сөп дииллэр.
Сону икки сылы быһа Москваҕа реставрациялаабыттара уонна Дьокуускайга дьон көрүүтүгэр балаҕан ыйын 25-тэн алтынньы 10 күнүгэр диэри көрдөрүүгэ туруораллар. Бу кэнниттэн Өлөөннөөҕү историко-этнографическай түмэлгэ төннөрүөхтэрэ.
Булумньуну 1984 сыллаахха балаҕан ыйыгар саха археолога, историческай билим дуоктара Никита Архипов булбута диэн СИА суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: