«Удьуор Уус  ситимэ» куонкурус кыайыылааҕа — табаһыт дьиэ кэргэн

Share

“Норуот маастара” күнүн чэрчитинэн  ыытыллар “Якутия мастеровая” быыстапканы кытта быйыл Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларынан  сибээстээн «Удьуор Уус  ситимэ»  диэн уус-уран оҥоһукка дьиэ кэргэн династияларын куонкуруһа буолан ааста.

Тэрээһин Арассыыйатааҕы «Вера. Надежда. Любовь» диэн  национальнай култуураны, төрүт үгэһи норуот уус-уран оҥоһуктарыгар киллэрэн үйэтитэр, талааннаах дьиэ кэргэннэри чиэстиир тэрээһин чэрчитинэн ыытылынна.

“Норуот маастара” күнэ бэлиэтэниитин көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ, “Якутия мастеровая” быыстапканы тэрийээччи, саха национальнай таҥаһын кэтэн сэлэлээн хаамыыны төрүттээбит «Симэх» галерея салайааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэл,  РФ уонна СӨ култууратын  үтүөлээх үлэһитэ Яна Игнатьева Дьиэ кэргэн сылыгар суолталаах тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан кытта кэлбит 10 ыалы ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээн туран: «Эһиги бүгүн бэйэҕит дьиэ кэргэҥҥит үгэһин үүнэр көлүөнэҕитигэр тиэрдэн иһэр буолан, олоххутун байытаҕыт», — диэн бэлиэтээтэ.

«Удьуор Уус  ситимэ»  диэн дьиэ кэргэн династияларын билиһиннэрэр куонкуруска кыттааччылар ох курдук оҥостон кэлбиттэр.  Бары бэйэлэрин төрүччүлэрин оҥорбуттара — ураты көстүү. «Бу аҕыйах ый иһигэр бэлэмнэнэн кэлэн кыттыы буолбакка, систиэмэлээх үлэ түмүгэ. Саҥа сылга үктэнээт, ахсынньыга ыыппыт балаһыанньабытынан бэлэмнэнэн барбыттара. Бары урукку сылларга оҥорбут оҥоһуктарын хомуйаат аҕаллылар. Онон бу көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ турар үгэс быһыытынан сыаналаатыбыт», — диэн бэлиэтиир Яна Игнатьева. Дьиэ кэргэннэр төрүччүлэрэ үгүс дьон болҕомтотун тарта.

Дьиэ кэргэттэр бэйэлэрин билиһиннэриилэрин түмүгүнэн «Удьуор Уус  ситимэ» куонкурус кыайыылааҕынан Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин Степан Слепцов аатынан «Мэҥэн ҥал» аҕа ууһун общината бастыҥынан ааттанна. Иккис миэстэ — Бүлүү улууһуттан Степановтар дьиэ кэргэн, үһүс миэстэ — Нам улууһун Хатырыгыттан Васильевтар дьиэ кэргэн буоллулар.

Муома улууһун Слепцовтар дьиэ кэргэттэрин туһунан салайааччылара Анисья Соркомова маннык билиһиннэрдэ:

Түөрт бииргэ төрөөбүт эдьиийдии-балыс биир-биир  сценаҕа тахсан бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин билиһиннэрдилэр.

Слепцовтар бары «ыстаадаҕа балааккаҕа төрөөбүппүт» диэн киэн тутта эттилэр.

Кэлэр сылларга Норуот маастарын күнүн чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ уус дьиэ кэргэн династияларын конкуруһун эмиэ киллэриэххэ сөп эбит.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

10 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

10 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

10 часов ago