Угинка «Ойуурун суолларынан» айаннастым
«…Саас барахсан уһун унньуктаах кыһын кэнниттэн салгына ураты атын, киһи сүрэҕин быыһын-ардын ааҕан киирэн, хойуу оттоох ходуһаны нүөлсүтэрдии минньигэс, утаппыт киһиэхэ итии үүттээх чэй утаҕы ханнарар иҥэмтэлээх, ахтылҕаннаах амтанын курдук сыыйыллан киирэр…».
Инна Николаева-Угинка «Саас үтүөтэ» кэпсээниттэн быһа тардан аҕалбыт устуруокаларбар ааптар төрөөбүт дойдутугар, кини айылҕатыгар муҥура биллибэт дириҥ таптала «ходуһа хойуу отунуу нүөлсүйэн» көбүөхтүү тыынан ылар. Төрөөбүт дойдуга, Ийэ сиргэр таптал көннөрү киһитээҕэр, ордук чуолаан айар куттаах суруйааччы киһиэхэ хайаан даҕаны баар буолуохтаах. Эбэтэр айар кут иитиллэн, сириэдийэн, ситэн тахсар төрдө — уйан, уран кэрэтэ тыытыллыбатах Аар айылҕа барахсан.
Бу ааһан эрэр 2024 сылга суруйааччы Инна Николаева-Угинка «Ойуур суолларынан» диэн орто сүһүөх оскуола оҕолоругар анаан киин куоракка бэчээттэтэн таһаарбыт кинигэтигэр отучча кыра кэпсээн киирбит.
Кинигэ аата да этэрин курдук, аар айылҕа, булт, табалаах дойду дьикти эйгэтигэр хайа да ааҕааччыны сааһыттан тутулуга суох абылаан, сиэтэн киллэрэр. Ааптар Угинка бастаан дьиэ иһинээҕи бары алтыспыт кыылларбытыттан кэпсээннэрин саҕалаан, устунан Аар тайҕа, табалаах туундара суолларынан ааҕааччылыын аргыстаһан айаннаан сиэллэрэр. Ол бииртэн биир кэпсээн аахтаҕыҥ аайы саҕахха киирэн сүттэр, бүттэр да аныгыскы саҕаланар суолга киһини угуйа, ыҥырар аакка турар. Угинка кыракый кэпсээннэригэр эйигин туох эрэ соһуччу буолбут дьикти түбэлтэлэр, сырдык үөрүү, үтүө санаа кыымнарынан ыһыахтана кэтэһэллэр.
«Саас үтүөтэ» кэпсээҥҥэ иһиллэн ылар нап-нарын, сып-сырдык, ып-ыраас ыра санаа тыллар, кынаттанар муусука нуотата кинигэҕэ киирбит кэпсээннэргэ барыларыгар иһиллэн ааһарга дылы. Ааптар кэпсээннэрэ тыллан, атан эрэр оҕо саас чараас кутун угуттуур чуумпу таптал, истиҥ санаа салгынынан тыыналлар. Устунан санаалыын, сүрэхтиин ырааһыран, чэпчээн барарга дылыгын. Бу тула баарга барытыгар көннөрү киһи кыайан өйдөөн көрбөт, бэрт кыраҕа даҕаны кэрэни булан ылар, сэргиир, үтүө санааны уһугуннарар ааптар Угинка кэпсээннэрин ааҕан чахчы киһи дьоллонор, чэпчиир. Олох дьоло диэн маннык дөбөҥ уонна судургу. Аһаҕас, таптыыр сүрэхтээх эрэ буолуохха наада, оччоҕо туох барыта остуоруйаҕа курдук айаннаан иһэр суолуҥ табыллан, сатанан, үөрдэн барар.
Наһаа уйан, чараас куттаах Аар тайҕа, туундара олоҕо диэн бу курдук хас биирдии киһи ис кутугар харыстаан, бүөбэйдээн чуумпутук илдьэ сылдьар бары чөл, тыыннаах буолар айыылыы эйгэбит иитиллэр төрдө буоларын суруйааччы киһи чараас битинэн сэрэйэн бэлиэтиир.
Суруйааччы Инна Николаева-Угинка саҥа күн сирин көрбүт «Ойуур суолларынан» кинигэтин оҕолорго анаабыта кэрэхсэбиллээх.
Күн Сиккиэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: