Уһуйааччы-учуутал аатын кимнээх сүктүлэр?

Share

Быйылгы сыл Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылынан биллэриллибитэ. Манан сибээстээн Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, педагог идэтин социальнай суолтатын уонна аатын үрдэтэр инниттэн  бириэмийэ олохтоммута.

Сүүмэрдиир куонкуруска киһи уонна идэлээх үлэһит быһыытынан ситиһиилээх, эдэрдэри уһуйуунан дьарыктанар уопуттаах педагогтар кыттыбыттара. Бастыҥ уһуйааччы-педагогу хамыыһыйа буолбакка, уопсастыбаннай куоластааһынынан талбыттара. Кыайыылаах 36 педагогка Ил Дархан Учуутал күнүгэр 100-түү тыһ. солк. суумалаах бириэмийэлэри туттарбыта. Дьон-сэргэ кинилэр кимнээхтэрин билбэтинэн сибээстээн, ааттарын сырдатар тоҕоостоох.

  1. Ушницкая Маргарита Ильинична (Абый улууһун Н.Н. Ефимов аатынан Белогорскай гимназиятын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала)
  2. Золотарева Ольга Васильевна (Алдан улууһун 9-с нүөмэрдээх оскуолатын алын кылааһын учуутала)
  3. Яковлев Лука Михайлович (Аллайыаха улууһун Оленегорскай оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала)
  4. Попов Григорий Дмитриевич (Амма улууһун Амматааҕы эдэр натуралистар ыстаансыйаларын эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога)
  5. Антипина Майя Дмитриевна (Анаабыр улууһун Сааскылаах орто оскуолатын аангылыйа тылын учуутала)
  6. 6. Хантакова Анисия Васильевна (Булуҥ улууһун Хара Уулаах орто оскуолатын үлэ уруогун учуутала)
  7. Алексеева Альбина Макаровна ( Үөһээ Бүлүү улууһун Д.С. Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх орто оскуола алын кылааһын учуутала)
  8. Данилова Вера Яковлевна (Үөһээ Халыма улууһун агро хайысхалаах Арыылаах орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала)
  9. 9. Никитина Тамара Алексеевна (Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын математикаҕа учуутала)
  10. 10. Мальцева Луиза Романовна (Бүлүү улууһун Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3-с нүөмэрдээх орто оскуолатын алын кылааһын учуутала)
  11. 11. Максимова Лидия Алексеевна (Горнай улууһун С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын алын кылааһын учуутала)
  12. 12. Солодова Инна Афанасьевна (Жатайдааҕы Д.Х. Скрябин аатынан 2-с нүөмэрдээх орто оскуола алын кылааһын учуутала)
  13. 13. Голунова Татьяна Викторовна (Эдьигээн улууһун Эдьигээн орто оскуолатын физикаҕа учуутала)
  14. 14. Игнатьева Василиса Михайловна (Кэбээйи улууһун биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр Куокуй орто оскуолатын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала)
  15. 15. Арбатская Валентина Александровна (Ленскэй улууһун Егор Мыреев аатынан орто оскуолатын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала)
  16. 16. Андросова Евгения Иннокентьевна (Мэҥэ Хаҥалас улууһун биирдиилээн биридимиэттэри чиҥэтэн үөрэтэр Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала)
  17. 17. Хасанова Алия Зииновна (Мииринэй улууһун 5-с нүөмэрдээх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала)
  18. 18. Никулина Антонина Ильинична (Муома улууһун Муома орто оскуолатын түмэл дьыалатыгар тэрийээччи-педагога)
  19. 19. Адамова Любовь Петровна (Нам улууһун Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы гимназиятын аангылыйа тылыгар учуутала)
  20. 20. Алексеева Елена Анатольевна (Нерюнгри улууһун Нерюнгри куоратын 15-с нүөмэрдээх “Аленький цветочек” оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ тэрилтэтин иитээччитэ)
  21. 21. Шкулева Елена Михайловна (Аллараа Халыма улууһун Черскэй орто оскуолатын алын кылааһын учуутала)
  22. 22. Петров Николай Николаевич (Ньурба улууһун А.Н. Чусовской аатынан Ньурба тиэхэньиичэскэй лиссиэйин информатикаҕа учуутала)
  23. 23. Сивцева Сардана Уйгун (Өймөкөөн улууһун Н.О. Кривошапкин аатынан орто оскуолат саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала)
  24. 24. Акишева Людмила Алексеевна (Өлүөхүмэ улууһун Н.Н. Яковлев аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола алын кылааһын учуутала)
  25. 25. Дмитриева Зоя Михайловна (Өлөөн улууһун “Тугутчаан” уһуйаанын иитээччитэ)
  26. 26. Гуляев Николай Николаевич (Орто Халыма улууһун Д.С. Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын географияҕа учуутала)
  27. 27. Новикова Галина Васильевна (Сунтаар улууһун В.Г. Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатын алын кылааһын учуутала)
  28. 28. Кашкина Эмма Хрисанфовна (Таатта улууһун П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын нуучча тылын учуутала)
  29. 29. Степанова Любовь Юрьевна (Томпо улууһун Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын алын кылааһын учуутала)
  30. 30. Протопопова Раиса Петровна (Уус Алдан улууһун И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын алын кылааһын учуутала)
  31. 31. Канаева Галина Ивановна (Уус Маайа улууһун “Аленушка” уһуйаанын иитээччитэ
  32. 32. Дьячковская Юлия Семеновна (Усуйаана улууһун П.Н. Николаев аатынан Силээннээх орто оскуолатын алын кылааһын учуутала)
  33. 33. Гермогенова Валентина Николаевна (Хаҥалас улууһун СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев аатынан Өктөмнөөҕү билим-үөрэтэр киин математикаҕа учуутала)
  34. 34. Болдовская Фекла Николаевна (Чурапчы улууһун С.К. Макаров аатынан улуустааҕы гимназия саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала)
  35. 35. Михайлова Елена Алексеевна (Эбээн Бытантай улууһун Р.И. Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолатын аангылыйа тылын учуутала)
  36. 36. Баишева Наталья Егоровна (С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс оскуолаҕа салаатыгар преподавателэ, Дьокускай куорат).
What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

1 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

37 минут ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Искусственнай интеллект эйгэтигэр анаммыт тэрээһин үлэтин саҕалаата

Ил Дархан Айсен Николаев  “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…

2 часа ago