Бу сыл олунньутугар биир уһуйааҥҥа харабыл истиэнэ хайыта барарын видеоҕа устан ыыппыта социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕаммыта. Сарсыныгар бу түгэн Кэбээйи улууһун Мастаах сэлиэнньэтигэр буолбута биллибитэ. Тута бэрэбиэркэ ыыппыттара, иитиллээччилэри атын дьиэҕэ сылдьалларыгар көһөрбүттэрэ.
Кэбээйи улууһун Борокуратуурата Мастаах сэлиэнньэтигэр баар 17-с нүөмэрдээх “Чуораанчык” уһуйаан дьиэтин эркинэ хайыта барбытынан бэрэбиэркэ ыыппыт.
“Эбийиэк II Лүүчүн нэһилиэгин, Кэбээйи улууһун дьаһалталара уонна “Саха-Дом-Строй” ХЭУо икки ардыларыгар түһэрсиллибит муниципальнай хантараагынан, “Саха сирэ XXI үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын иитинэн үлэҕэ киирбит.
Кэлин өрүттэр толоруллубут үлэнэн тутуу аактатыгар илии баттаабыттар, 2017 сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр 50 миэстэлээх уһуйаан үлэҕэ киирбит.
Борокуратуура бэрэбиэркэ ыытыытын түмүгэр, бэдэрээтчит уһуйаан дьиэтин акылаатын бырайыак-симиэтэ докумуонуттан туораан туран, монолитнай бетоннай акылаат оннугар тимир турбанан оҥорбута быһаарылынна”, — диэн өрөспүүбүлүкэ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн РФ Холуобунай кодексын 286 ыст. 3 ч. “в” п. холуобунай дьыала тэриллибит.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…
Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…
Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…
СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…