Уһуйаан иитиллээччилэрэ робототехника күрэҕэр бастакы миэстэлэри ыллылар
Горнай кырачааннара аан дойду «Деталька-2024» үөрэтэр робототехникаҕа уонна цифровой технологияларга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии буолан ааста.
Бу күрэхтэһиигэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕиттэн 10-с №-дээх «Кырачаан ымыылар» оҕо уһуйаанын Сардаана Данилова салайааччылаах «Снегирята-Berd» хамаандата — Николь Данилова, Алиса Никулина, Марк Заровняев уонна Лев Данилов кытыннылар диэн Горнай улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Дойду эрэгийиэннэриттэн барыта 30 хамаанда кытынна. Күрэхтэһии түмүгүнэн биһиги хамаандабыт 3-с миэстэни ылла уонна «Лучшее инженерное решение» дипломунан наҕараадаланна. Оттон биирдиилэн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ «Нейролабиринт» номинацияҕа Лев Данилов 2 миэстэни ылан, «IYRC-2024» Робототехникаҕа ыччат аан дойдутааҕы күрэхтэһиитигэр ыҥырылынна. Бу күрэхтэһии 2024 сыл атырдьах ыйын 2-3 күннэригэр Соҕуруу Корея Тэджон куоратыгар ыытыллыаҕа.
Бэрдьигэстээх 10-с №-дээх «Кырачаан ымыылар» оҕо уһуйаанын кэллэктиибэ күрэхтэһиини тэрийээччилэргэ – «Детский центр робототехники» тэрилтэ салайааччыта, СӨ үөрэҕин туйгунугар Октябрина Петроваҕа махтанарын биллэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: