“Уһуйаан иитиллээччилэрин уонна оскуола үөрэнээччилэрин итии аһылыгынан хааччыйыы суолталаах боппуруостара” диэн тиэмэлээх сэминээр буолан ааста

“Уһуйаан иитиллээччилэрин уонна оскуола үөрэнээччилэрин итии аһылыгынан хааччыйыы суолталаах боппуруостара” диэн тиэмэлээх сэминээр буолан ааста

09.10.2024, 18:00
Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

“Бэс Чагда” оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйатын  киинэ, Ю.А.Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы өҥө технологическай тиэхиньикума, Психологтар-педагогтар арыаллыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи мэтэдиичэскэй кииннэрэ, ону тэҥэ, СӨ гигиенаҕа уонна эпидемиологияҕа киинин Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы филиала биэдэмэстибэннэй тэрилтэлэр кыттыылаах, Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ алтынньы 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа уонна Хара сэлиэнньэлэригэр сэминээр тэрийэн ыытта.

Сэминээр  “Уһуйаан иитиллээччилэрин уонна оскуола үөрэнээччилэрин итии аһылыгынан хааччыйыы суолталаах боппуруостара” диэн тиэмэлээх барда. Манна улуус оскуолаларын, уһуйааннарын салайааччылара, төрөппүт уопсастыбаннаһа, барыта 160-тан тахса киһи кытынна.

Сэминээргэ үөрэх тэрилтэлэригэр оҕону аһатыыны сүрүннээһин, күннээҕи итии аһылыгы кэтээн, анаалыстаан көрүү, төрөппүт хонтуруолун туһунан, ГОСТ ирдэбилинэн таһымы үрдэтии куурустарын ааһыы, үөрэх тэрилтэлэригэр аһылык бородууксуйатыгар куттал суох буолуутун хонтуруолун тэрийии, ыксаллаах түгэҥҥэ уйулҕа өттүнэн көмөнү оҥоруу туһунан кэпсэттилэр.

Ону тэҥэ, “Тыа сирин оскуолатын бастыҥ остолобуойа-2024” куонкурус эрэгийиэннээҕи түһүмэҕин кыайыылааҕынан тахсыбыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын хамаандатыгар, быйыл сэтинньи 6-10 күннэригэр Мордовия Өрөспүүбүлүкэтин Саранскай куоратыгар ыытыллыахтаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Оскуола бастыҥ остолобуойа-2024” федеральнай күрэхтэһиигэ бэлэмэнэниитигэр сүбэ-ама биэрдилэр.

Бу туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтин саайтыгар суруйаллар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: