Уһук Хотугу сиргэ генетика боппуруостарын дьүүллэһэллэр
Бэс ыйын 6-7 күннэригэр Дьокуускайга “Уһук Хотугу сиргэ мэдиссиинэ генетикатын дьоһун суолталаах боппуруостара” диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы V научнай-практическай кэмпириэнсийэ буола турар.
Кэмпириэнсийэ Саха сиригэр мэдиссиинэ-генетика сулууспатын уонна мэдисссиинэ генетикатын кууруһун 35 сылларыгар ананар. Тэрийэн ыытааччылар — М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинэ.
Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын ХИФУ ректора Анатолий Николаев, РНА Томскайдааҕы мэдиссиинэ национальнай чинчийэр киинин дириэктэрэ Вадим Степанов, СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) доруобуйа харыстабылыгар бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдова, РНА СС Наукаҕа киинин генеральнай дириэктэрэ Михаил Лебедев эҕэрдэлээтилэр.
Москваттан, Томскайтан, Башкортостантан, Бурятияттан, Тываттан, Хабаровскайтан учуонайдар, генетика сүрүннүүр исписэлиистэрэ, генетик-быраастар дьоһуннаах дакылааттары аахтылар. Эпидемиология, удьуорунан бэриллэр ыарыылар, онкология ыарыыларын молекулярнай-генетическай чинчийии, неонатальнай скрининг, сэдэх (орфаннай) ыарыылары булуу, генетика уо.д.а ыарыыларын дьүүллэстилэр.
РНА Томскайдааҕы мэдиссиинискэй национальнай чинчийэр киинин дириэктэрэ Вадим Степанов Саха сирэ генетика хайысхатыгар биир инники иһээччинэн буоларын уонна удьуорунан бэриллэр ыарыылары чинчийии тиһиктээхтик ыытылларын бэлиэтээтэ. Саха сирин эмчиттэрэ Томскайдааҕы биир идэлээхтэрин кытары 1990 сылтан үлэлииллэр. Онон саҥа төрөөбүт кырачааннарга неонатальнай скриниҥҥэ, генетика чинчийиилэригэр, наукаҕа уонна быраактыкаҕа каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ холбоһуктаах үлэлэр ыытыллаллар.
Кэмпириэнсийэҕэ этиллибитинэн, Саха сиригэр эрэ көстөр генетика ыарыылара бэлиэтэнэллэринэн, эрэгийиэҥҥэ кырачааннарга неонатальнай скриниҥҥэ ыарыылар спектрдарын кэҥэтиэххэ наада. Геномнай киини тэрийии боппуруостара эмиэ дьүүллэһилиннилэр. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирин генетиктара утумунан бэриллэр ыарыылары быһаарарга аан дойдуга саҥа ньымалары киллэрэр кыахтаммыттара. Научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ бастакы күнүн түмүгүнэн уопсай резолюцияны ыллылар.
Сарсын эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы научнай-практическай генетика оскуолата Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэр “NARAADA village” култуура-этнографияҕа куорпуһугар буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: