Салгыы
Уһук Илин демографиятын лиидэрэ: эспиэр Саха сиригэр дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллары бэлиэтээтэ

Уһук Илин демографиятын лиидэрэ: эспиэр Саха сиригэр дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллары бэлиэтээтэ

26.03.2024, 17:10
Мария Васильева хаартыскалара
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни социальнай өйөөһүн туһунан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ыйааҕын олоххо киллэриигэ сүбэ мунньаҕы ыытта.

Биэс сыл иһигэр дьиэ кэргэн институтун өйөөһүн дьаһалларын үбүлээһин Саха сиригэр 26 миллиард солкуобайга диэри, ол аата 7 төгүл улаатта. «Демография» нацбырайыагы өрөспүүбүлүкэтээҕи 30-тан тахса араас бырагыраама ситэрэн биэрэр. Социальнай хантараах тиһигэ эмиэ күүскэ сайдар. Кэнники биэс сылга онон 15 тыһ. тахса ыал хаһаайыстыба тэриннэ.

Аҥардас 2023 сылга түөрт хайысханан уопсайа 822 мөл. солк. тахса суумалаах көмө 6,5 тыһ. тахса дьиэ кэргэҥҥэ оҥоһулунна.

Социальнай хантараах кээмэйин улаатыннарыы элбэх оҕолоох ыаллар бэйэлэрин дьыалаларын ордук көдьүүстээхтик аһалларыгар кыаҕы биэрэр. Эдэр ыалларга дьиэ сэртипикээттэрин биэрии эмиэ улахан суолталаах. Бу эмиэ дьиэ кэргэн олоҕун-дьаһаҕын чэпчэтэргэ уонна уйгутун тупсарар көмөлөһөр диэн эспиэрдэр тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.

Уопсайынан, Саха сирин олохтооҕо улахан куорат нэһилиэнньэтин ахсаанынан орто көрдөрүүтүгэр тэҥнээтэххэ, алта сыл иһигэр 37 тыһ. киһинэн элбээбит. Итиэннэ маннык көрдөрүү салҕанар: ааспыт бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэннньэтэ 1 мөл. 4 тыһ. кэриҥэ киһиэхэ тиийбитэ. Саха сиригэр хас биирдии бэһис ыал – элбэх оҕолоох.

Болҕомтону өссө биир дьаһалга ууруохха наада, ол туһунан Ил Дархан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсүһүүтүгэр сүдү суолталааҕын бэлиэтээбитэ – бу, ордук элбэх оҕолоох ыаллар ортолоругар дьадайыы таһымын кыччатыы. Айсен Николаев дуоһунаһыгар киирээт тута таһаарбыт бастакы докумуонунан Саха сиригэр дьадайыы таһымын намтатар соруктаах стратегическай Ыйааҕа буолар.

Эспиэрдэр сыаналыылларынан, саҥа «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи дьадайыыны утары охсуһар бырагыраамалар уопсастыбаҕа дьиэ кэргэҥҥэ, чуолаан элбэх оҕолоох ыалларга сыһыаны, бырайыактары үбүлээһини тосту уларытыа.

Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бырагыраамалары дьүөрэлээн олоххо киллэрии көдьүүһүн дакаастаата, ол Саха сирин демографическай балаһыанньатыгар быһаччы көстөр уонна өрөспүүбүлүкэ хас биирдии дьиэ кэргэнин олоҕун уйгута тупсарыгар эрэ көмөлөһүө.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 апреля
  • -6°C
  • Ощущается: -11°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: