Уһук Илин демографиятын сайдыытын дьүүллэһиэхтэрэ
Уһук Илин федеральнай уокуругун демографиятын сайдыытын былаас федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи уорганнара, сайдыы институттара, эспиэрдэр, учуонайдар уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр салайааччылара дьүүллэһиэхтэрэ.
Дьүүллэһии “Уһук Илин демографиятын сайдыыта” Бүтүн Арассыыйатааҕы IX кэмпириэнсийэ чэрчитинэн бэс ыйын 20-21 күннэригэр Владивостокка буолуоҕа.
Кэмпириэнсийэ кэмигэр ыытыллар пленарнай мунньахтарга уонна сиэссийэдэргэ, дьүүллэһэр былаһааккаларга РФ демографияҕа судаарыстыбаннай бэлиитикэтин национальнай дьоһун суолталаах боппуруостарын, Уһук Илиҥҥэ дьиэ кэргэни өйөөһүн эрэгийиэннээҕи социальнай быраактыкатын, табыгастаах экосистиэмэни оҥорууну, эдэр ыалы өйөөһүнү уонна оҕолордоох ыалга инфраструктураны оҥорууну көрүөхтэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр демография сайдыытыгар уопутун туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова, министиэристибэ демографияҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр, эппиэкэҕэ уонна попечительствоҕа департаменын салайааччы Елена Сивцева, уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинэ профилактикатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин кылаабынай бырааһа Алена Никитина, нэһилиэнньэ социальнай харыстабылыгар уонна үлэҕэ управлениетын салайааччы Вадим Мазурок билиһиннэриэхтэрэ.
Кэмпириэнсийэни ыытыы сүрүн соругунан Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка дьиэ кэргэн үөскүүрүгэр, оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ, ийэ уонна оҕо доруобуйатын харыстабылыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийии, дьиэ кэргэн өйөбүлүн систиэмэтин оҥорууга сүрүн хардыылары көрүү буолар.
Кэмпириэнсийэни Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга Арассыыйа министиэристибэтэ, Арассыыйа Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията, Приморье кыраайын бырабыыталыстыбата тэрийэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: