Уһук Илин демографиятын сайдыытын дьүүллэһиэхтэрэ

Share

Уһук Илин федеральнай уокуругун демографиятын  сайдыытын былаас федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи уорганнара, сайдыы институттара, эспиэрдэр,  учуонайдар уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр салайааччылара  дьүүллэһиэхтэрэ.

Дьүүллэһии “Уһук Илин демографиятын  сайдыыта” Бүтүн Арассыыйатааҕы  IX кэмпириэнсийэ чэрчитинэн бэс ыйын 20-21 күннэригэр Владивостокка буолуоҕа.

Кэмпириэнсийэ кэмигэр ыытыллар пленарнай мунньахтарга уонна сиэссийэдэргэ, дьүүллэһэр былаһааккаларга  РФ  демографияҕа  судаарыстыбаннай бэлиитикэтин национальнай  дьоһун суолталаах боппуруостарын, Уһук Илиҥҥэ дьиэ кэргэни өйөөһүн  эрэгийиэннээҕи социальнай быраактыкатын, табыгастаах экосистиэмэни оҥорууну, эдэр ыалы өйөөһүнү уонна оҕолордоох ыалга инфраструктураны оҥорууну көрүөхтэрэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр демография сайдыытыгар уопутун  туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова, министиэристибэ демографияҕа  уонна  дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр, эппиэкэҕэ уонна попечительствоҕа  департаменын салайааччы Елена Сивцева, уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинэ профилактикатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин кылаабынай бырааһа Алена Никитина, нэһилиэнньэ  социальнай харыстабылыгар уонна үлэҕэ управлениетын салайааччы Вадим Мазурок билиһиннэриэхтэрэ.

Кэмпириэнсийэни ыытыы сүрүн соругунан Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка  дьиэ кэргэн үөскүүрүгэр, оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ, ийэ уонна оҕо доруобуйатын харыстабылыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийии, дьиэ кэргэн өйөбүлүн систиэмэтин оҥорууга  сүрүн хардыылары көрүү буолар.

Кэмпириэнсийэни Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга Арассыыйа министиэристибэтэ, Арассыыйа Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията, Приморье кыраайын бырабыыталыстыбата тэрийэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

53 минуты ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago