Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин бу күһүн балаҕан ыйыгар Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Уһук Илин эрэгийиэннэригэр инвестицияны киллэрии Арассыыйа уопсай көрдөрүүтүн үс төгүл куоһаран иһэрин бэлиэтээн эппитэ. Кырдьыгын эттэххэ, Уһук Илин эрэгийиэннэргэ уонча сыллааҕыта ууруллубут болҕомто билигин кэлэн дьэ түмүгэ көстөн эрэр.
Урутаан сайдар сирдэр
Оруобуна уонча сыллааҕыта ахсынньыга Владимир Путин Этиитигэр Уһук Илин эрэгийиэннэргэ урутаан сайдар сирдэри тэрийии туһунан эппитэ. Кини этиитинэн сокуон ылыныллан, бу сирдэргэ чэпчэтиилэр, нуормалар көрүллэннэр, 2015 сылтан эрэгийиэннэргэ бырайыактары олоххо киллэрии саҕаламмыта. Ол иһигэр Саха сиригэр икки урутаан сайдар сир тэриллибитэ: “Соҕуруу Саха сирэ” уонна “Кангалассы” (билиҥҥинэн “Якутия”). Өскөтүн Саха сирин соҕуруу өттүгэр бырамыысыланнаска туһуламмыт бырайыактар тэриллибит буоллахтарына, “Кангалассы” урутаан сайдар сир үксүн олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарар сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ. Манна дьоҕус уонна орто биисинэс киирбитэ. Кинилэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыттан саҕалаан тутуу матырыйаалыгар, олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа өҥөнү оҥорууга тиийэ бырайыактары көмүскээбиттэрэ.
Бу урутаан сайдар сирдэр эрэгийиэннэргэ, бастатан туран, инвестицияны киллэриигэ биир дьоһун хардыы буолуохтаахтара. Итини таһынан, үлэ миэстэтин тэрийиигэ, олохтоох исписэлиистэри үлэҕэ ылыыга, дьон-сэргэ хамнастаах буолуутугар болҕомтону уурбуттара. Холобур, Саха сиригэр, билиҥҥи туругунан, барыта 68 резидент үлэлиир. Быйыл уон биир саҥа хампаанньа эбилиннэ. Бу хампаанньалар бары 129,8 млрд солк. өрөспүүбүлүкэҕэ инвестиция быһыытынан киллэриэхтээхтэр. Билиҥҥитэ бу сууматтан 95,8 млрд солк. киирбит. Бу икки бырайыакка тоҕус тыһыынчаттан тахса саҥа үлэ миэстэтэ аһыллыбыт.
Биирдиилээн эттэххэ, “Якутия” урутаан сайдар сиргэ барыта 44 резидент үлэлиир. Манна барытыгар 17,4 млрд солк. инвестиция киириэхтээх. Ону сэргэ икки тыһыынчаттан тахса үлэ миэстэтэ тэриллиэхтээҕэ. Холобур, “Саюри” сылы эргиччи оҕуруот аһын үүннэрэр хампаанньа былырыын 2169 туонна оҕуруот аһын бэлэмнээбит. Быйыл аҕыс ый түмүгүнэн 1700 туонна бородууксуйаны оҥорон таһаарбыт. Бу бырайыак тыйыс айылҕалаах сиргэ сылы эргиччи оҕуруот аһынан хааччыйыыга көдьүүстээҕин номнуо дакаастаата.
Оттон “Соҕуруу Саха сирэ” урутаан сайдар сиргэ, билиҥҥи туругунан, 18 хампаанньа баар. Кинилэр уопсай инвестициялара 112,05 млрд солк. тэҥнэһиэхтээх. Бу хампаанньалар уонтан тахса тыһыынча үлэ миэстэтинэн хааччыйыахтаахтар. Мантан билигин 85,64 млрд солк. инвестиция киирбит, аҕыс тыһыынчаттан тахса үлэ миэстэтэ тэриллибит.
Бырамыысыланнас көрдөрүүтэ
Манна даҕатан эттэххэ, кэлиҥҥи сылларга аҥаардас биэс сыл иһигэр Саха сиригэр 1,5 трлн солк. инвестиция киирбит. Бу Уһук Илин эрэгийиэннэргэ бастыҥ көрдөрүү буолар. Биллэн турар, манна улахан оруолу бырамыысыланнас ылар. Бырамыысыланнас көрдөрүүтэ кэлиҥҥи түөрт сылга 112,2 % тэҥнэспит. Манна ордук “АЛРОСА”, “Эльгауголь”, “Колмар”, “Газпром”, “Роснефть”, “Сургутнефтегаз” курдук улахан хампаанньалар үлэлэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.
Ил Дархан Айсен Николаев кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ ньиэби, гааһы, таас чоҕу хостооһун эбиллибитин эрдэ бэлиэтээн турар. Улахан бырайыактартан ылан эттэххэ, Чайыҥда гаас, ньиэп баайдаах сиртэн барар “Сибиир күүһэ” гаас ситиммит Арассыыйаны ааһан аан дойдутааҕы биир улахан бырайыак быһыытынан биллэр. Бу бырайыак өссө “Сахалин — Хабаровскай – Владивосток” хайысханан барар ситими кытары силимнэһэн Арассыыйа арҕаа, илин эрэгийиэннэрин барытын хабыахтаах. Бу бырайыагы Владимир Путин Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа эмиэ биир сүрүн сыал-сорук быһыытынан бэлиэтээбитэ.
Атын бырайыактартан ылан эттэххэ, Мииринэйгэ Орто Ботуобуйаҕа ньиэп, гаас конденсаттаах сир туһаҕа таҕыста. “АЛРОСА” хампаанньа Үөһээ Муунаҕа алмааһы хостооһунун саҕалаабыта. Ону сэргэ “Мир” руднигы сөргүтэн эрэр. “Колмар” хампаанньа Нерюнгри куоракка “иккис тыыны” киллэрэн, билигин биэс тыһыынчаттан тахса үлэ миэстэтин хааччыйда. “Эльгауголь” Элгэтээҕи чох баайдаах сири туһаҕа таһааран, билигин аан дойдутааҕы бырайыакка ылыста. Итини таһынан, Нерюнгри оройуонугар Сиваглинскайдааҕы тимир уруудата, Кэбээйигэ үрүҥ көмүс баайдаах сири туһаҕа таһаарыы саҕаланыахтаах. Алдаҥҥа тимир уруудатын, көмүһү, ураны, апатиты хостооһуҥҥа эмиэ туспа кластер оҥоһуллубута. Томпо улууһугар “Полиметалл” хампаанньа хайа-байытар фабрикатын тутан билигин үлэтин саҕалаата. Хотугу улуустарга Күчүстээҕи бырамыысыланнай кластер үлэтин бэлиэтиир наада. Манна Күчүстээҕи, Тирэхтээҕи, Депутатскайдааҕы көмүс, хорҕолдьун баайдаах сирдэр киирэллэр.
Олохтоох исписэлиистэри үлэнэн хааччыйыы
Бырамыысыланнас сайдыытын кытары тэҥҥэ өрөспүүбүлүкэбитигэр исписэлиистэри бэлэмнээһин эмиэ күргүөмнээхтик бара турар. Билигин урукку сыллардааҕар бырамыысыланнаска олохтоох исписэлиистэр үлэлии киирэллэрэ быдан элбээбитин бэлиэтиэм этэ. Холобур, 2018 сылтан “Олохтоох үлэһиттэр – бырамыысыланнаска” диэн бырайыагынан барыта 57 тыһ. киһи үлэҕэ киирбит. Санатан этиим, бу бырайыакка өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 45 хампаанньа кытта сылдьар. Ол иһигэр “АЛРОСА”, “Анаабыр алмаастара”, “Колмар”, “Эльгауголь”, “Якутуголь”, “Сахатранснефтегаз”, “Якутскэнерго”, “Нерюнгри-Металлик”, “Рудник Таборный”, “Арктик Капитал”, о.д.а. хампаанньалар. Бу испииһэккэ “АЛРОСА” хампаанньа бастакы миэстэҕэ сылдьар. Былырыын түөрт тыһ. тахса киһини бастайааннай үлэ миэстэтинэн хааччыйбыт. Оттон “Анаабыр алмаастара” хампаанньа былырыын баахтанан баран үлэлээн кэлэр дьоннуун барыта уонтан тахса тыһ. киһиэхэ үлэ миэстэтин таһаарбыт. Манна даҕатан эттэххэ, билигин өссө өрөспүүбүлүкэбитигэр “Навахту14.рф” бырайыак киэҥ сэҥээриини ылла. Былырыын бу икки бырайыагынан барыта уон икки тыһ. тахса киһи үлэнэн хааччыллыбыта, оттон быйыл сыл аҥаарын түмүгүнэн сэттэ тыһ. тахса киһи үлэнэн хааччыллыбыт.
Онон Уһук Илин эрэгийиэннэргэ уонча сыллааҕыта ууруллубут болҕомто билигин кэлэн, күрүлгэн курдук, икки биэрэги ситимнээтэ, бииринэн, инвестиция киириитин да элбэттэ, иккиһинэн, бырамыысыланнас сайдыытын да көҕүлээтэ, үсүһүнэн, олохтоох исписэлиистэри үөрэтэн, бэлэмнээн таһаарыыга да көдьүүстээх буолла. Бу барыта, биллэн турар, дьон олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар үтүө өрүттээх буолар.
Андрей Софронеев, “Анаабыр алмаастара” хампаанньа машинист-бульдозериһа:
– Мин бырамыысыланнаска 2013 сылтан үлэлиибин. Хаандыгатааҕы Горнай-геологическай тиэхиньикуму бүтэрбитим. Саха сирин олохтоохторо бырамыысыланнаска үлэлииллэрин туһунан бэйэм санаабын этиэхпин баҕарабын. Чахчы, баахтанан үлэлиир судургута суох. Улахан тиэхиньикэҕэ, ону ааһан алта-сэттэ ыйы быһа дьиэҕиттэн тэйэн тохтоло суох үлэлиириҥ чэпчэки буолбатах. Ол эрээри киһи сатаабата, кыайбата диэн суох, үлэлиэн баҕалаах киһи туохха барытыгар үөрэнэр эбит. Тус бэйэм бульдозер идэтин талан үлэлии сылдьарбыттан кэмсиммэппин. Билигин олохпун оҥостон, ыал буолан, дьиэ-уот туттан, хамнастанан олорорбуттан үөрэбин. Урукку өттүгэр бырамыысыланнаска баахтанан баран үлэлиир саха ыччата олох тарбахха баттанар этэ. Ол биир төрүөтэ – үлэни билбэттэн дии саныыбын. Уонна оччолорго сөптөөх үөрэхтээх киһи да аҕыйаҕа. Оттон билигин бырамыысыланнаска сыһыаннаах үөрэх да дэлэйдэ, судаарыстыба да хампаанньаларга олохтоохтору үлэҕэ ылалларыгар эбээһинэстиир буолла. Уонна уолаттар бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн да бу үлэҕэ тардыһар буоллулар. Онон киһи кыайбата, сатаабата диэн суох, бырамыысыланнаһы сахалар хайа баҕарар баһылыыр кэммит кэллэ.
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…