Уһук Илин эрэгийиэннэригэр 3 млрд солк. куорат табыгастаах усулуобуйатын тэрийиигэ көрүллүөҕэ
РФ бырабыыталыстыбата Уһук Илин эрэгийиэннэригэр 3 млрд солк. куорат табыгастаах усулуобуйатын тэрийиигэ көрүөҕэ.
РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалынан, Уһук Илин эрэгийиэнигэр куорат табыгастаах усулуобуйатын тэрийии бырайыактарын Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһа туһунан ыытыллар. Куонкуруска кыттарга 250 тыһыынча нэһилиэнньэлээх куораттар итиэннэ 5 тыһыынча киһи олорор поселениелар ыҥырыллыбыттара.
Кыайыылаахтарынан уокурук 32 муниципальнай тэриллиилэрэ буоллулар.
Бүддьүөттэн көрүллүбүт үбүлээһин пааркалары, искибиэрдэри, уопсастыбаннай эйгэлэри саҥардыыга, оҥорууга аттарыллыаҕа.
Бырайыактар чугастааҕы икки сылга олоххо киллэриллиэхтэрэ.
«Арассыыйа субъектарыгар гражданнар олохторун усулуобуйатын тупсарыыга үлэтин күүһүрдүөхтээхпит», – диэн бэлиэтээтэ Михаил Мишустин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: