Салгыы
Уһук Илин эрэгийиэннэрин ыччатын пуорума буола турар

Уһук Илин эрэгийиэннэрин ыччатын пуорума буола турар

04.11.2022, 12:34
Бөлөххө киир:

“Саха сирин норуоттарын ассамблеята” уопсастыбаннай хамсааһын 2022 сылга култуурунай саҕалааһыннары өйүүр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин пуондатын бастакы куонкуруһугар Норуоттар сомоҕолоһууларын пуорумун тэрийэр бырайыага кыайыылааҕынан тахсыбыта.

Бу бырайыак Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр олоххо киирдэ. Ол курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Саха сирэ сомоҕолуур. Ыччат омук – инники кэскилэ” Уһук Илин эрэгийиэннэрин норуоттарын улахан пуорума буола турар. Тэрээһин чэрчитинэн пленарнай мунньах, санаа атастаһыы былаһааккалара, омуктар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүүлэригэр сыһыаннаах төгүрүк остуол, норуоттар култуураларыгар сыһыаннаах ыччат ситиһиилээх бырайыактарын быыстапка-биһирэмэ ыытыллыахтара. Ыччаттар Арассыыйа норуоттарын култуураларыгар сыһыаннаах бэйэлэрин айымньылаах санааларын, толкуйдарын, көҕүлүүр бырайыактарын билиһиннэриэхтэрэ. Пуорумҥа Арассыыйа норуоттарын ыччаттарын ассамблеяларын отделениеларын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ Москваттан, Хабаровскайтан, Петропавловскайтан, Владивостоктан, Магадаантан, Омскайтан, Дьокуускайтан кыттыыны ылаллар.
Пуорум Саха сирин норуоттарын ассамблеятын уонна Уһук Илин Федеральнай уокуругун норуоттарын ассамблеятын икки ардыгар бииргэ үлэлээһиҥҥэ илии баттаһыынан түмүктэниэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: