Уһук Илин кэрэхсэнэр уобараһын оҥорон, нэһилиэнньэни элбэтэргэ сорук турар

Уһук Илин кэрэхсэнэр уобараһын оҥорон, нэһилиэнньэни элбэтэргэ сорук турар

24.04.2023, 09:00
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев оробуочай мунньаҕар Уһук Илин уокурук кэрэхсэнэр уобараһын үөскэтии туһунан боппуруоһу көрдүлэр.

РФ Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн элбэх инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрэбит, экэниэмикэҕэ биллэр-көстөр ситиһиилэннибит диибит эрээри, Уһук Илин кэрэхсэнэр уобараһын үөскэтэргэ өссө даҕаны үлэлиэххэ наада диэн Юрий Трутнев бэлиэтээн эттэ.

«2021 с. Уһук Илин үгүс эрэгийиэннэрэ барыстаах тахсыбыттара, оттон 2022 с. балаһыанньа биллэрдик ыараабыта, ол гынан баран Саха сирэ таһымын тутан таҕыста, нэһилиэнньэтин ахсаана эбиллэр. Биһиэхэ нэһилиэнньэ Арассыыйа Уһук Илин уокурук атын эрэгийиэннэригэр эбиллэрэ улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, уонунан тыһыынча үлэ миэстэтэ тахсар, кинилэр кэлбэтэхтэринэ бу тэрилтэлэргэ ким үлэлиэй диэн боппуруос үөскүө. Ол иһин, РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин сорудаҕынан Уһук Илин кэрэхсэнэр уобараһын оҥорууну кытары сибээстээх көҕүлээһин ырытыллан оҥоһулунна. Уһук Илин дойду сирин-уотун 40% ылар. Онон хас биирдиии субъекка дьон олохсуйа, үлэлии кэлэр орудк усулуобуйатын көрдүүбүт», — диэн вице-премьер санаатын үллэһиннэ.

Уһук Илин кэрэхсэнэр уобараһын оҥорууга эрэгийиэннэр баһылыктарын этиилэрин киллэрэллэрин курдук, ону нэһилиэнньэҕэ хайдах тириэрдэри толкуйдуохтарын туһунан сүбэлэспиттэрин Юрий Трутнев эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 марта
  • -14°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 61% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: