“Уһук Илин – мүччүргэннээх сырыы сирэ” куонкуруска сайаапка үгүс
“Уһук Илин – мүччүргэннээх сырыы сирэ” куонкуруска 300-тэн тахса сайаапка киирдэ.
Тэрээһин дьүүллүүр сүбэтигэр Путешественникдв.рф саайт нөҥүө 41 эрэгийиэнтэн 364 сайаапка киирдэ. Онтон 97 сайаапка (27%) — Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ киирбэт эрэгийиэннэртэн.
Уокурук боломуочунайа Юрий Трутнев бэлиэтээбитинэн, куонкурус сүрүн соруга — Уһук Илин саамай кэрэ сирдэрин көрдөрүү. Онон кыттыан баҕалаах киһи элбэҕэ, Уһук Илин эригийиэн дьон интэриэһин тардара олус үөрдэр.
Ордук элбэх сайаапка киирбит: Камчаткаттан (96), Сахалинскай уобаластан (86) уонна Приморьеттан — (83). Биэс иһигэр Хабаровскай кыраай (60), Бурятия (56) киирбиттэр. Саамай элбэх айанньыттардааҕынан Сахалинскай уобалас (43), Камчатка уонна Хабаровскай кыраай (42-лии сайаапка) уонна Приморскай кыраай (38 сайаапка). Төрдүс миэстэҕэ – москвичтар (28 сайаапка). 10-с миэстэҕэ — Санкт-Петербург олохтоохторо.
Тэрийэр кэмитиэккэ киирбит видеонан отчуоттарга Камчатка (17), Хабаровскай кыраай (9), Сахалинскай уобалас (7) инники күөҥҥэ иһэллэр. 4-с миэстэҕэ – Бурятия уонна Приморье таҕыстылар. Дьүүлүүр сүбэ сатыы уонна уунан айан, кыһыҥҥы сырыы (атынан, ытынан, хайыһар) көрүҥнэргэ хайытан дьүүллүүр. Бастыҥ айан ааптара 3 мөлүйүөн солкуобайынан наҕараадаланыаҕа.
Куонкурус РФ Бырабыыталыстбыатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһинэн барар. Тэрээһин түмүгүнэн Уһук Илин эрэгийиэннэринэн айанныырга 100 бастыҥ туристскай маршруттарынан интерактивнай каарта оҥоруохтара. Бастыҥ үлэлэри федеральнай уонна эрэгийиэннэрдээҕи телеханаалларга көрдөрүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: