Уһук Илин олохтоохторо чэпчэтиилээх билиэтинэн эһиил эмиэ туһаныахтара
27.10.2022, 10:16
Бөлөххө киир:
Сөмөлүөтүнэн көтүүгэ субсидиялааһын бырагыраамата 2023 сылга салгыы үлэлиэҕэ. Бу туһунан РФ үбүн миниистирэ Антон Силуанов Госдуумаҕа 2023-2025 сс. бүддьүөт барылын бастакы ааҕыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.
Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова телеграмҥа иһитиннэрбитинэн, Уһук Илин олохтоохторугар субсидиялаах билиэттэр эмиэ баар буолуохтара. Бу сыалга анаан бүддьүөттэн 30 млрд солк. кэриҥэ үбүлээһин көрүллүөҕэ.
Санатан эттэххэ, Уһук Илин олохтоохторо киин сиргэ көтүүгэ чэпчэтиилээх билиэтинэн туһаналларыгар сааһынан хааччахтааһын суох буолбута.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: