Бэйэлэрин гектардарыгар дьиэ туттар дьоҥҥо бэриллибит харчы 5 млрд солк. тиийэн эрэр.
Уһук Илиҥҥэ “Гектар” бырагырааманан ылыллыбыт сиргэ дьиэ тутуута бастакы күөҥҥэ турар. “Уһук Илиҥҥи ипотека” бырагырааманан дьиэни туттарга кирэдьиити “Гектар” бырагыраамаҕа киирбит 1 тыһыынчаттан тахса киһи туһанна.
Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар корпорация дааннайынан, бырагыраама кыттыылаахтарын 52 %-ра ылбыт учаастактарыгар дьиэни бэйэлэригэр анаан тутталлар.
Корпорация социальнай бырайыактарга департаменын дириэктэрэ Сергей Потанин: “”Гектар” бырагыраама кыттыылаахтарыгар чэпчэтилээх кирэдьиит 9 мөл. солк. диэри бэриллэр, сааһыттан да, дьиэ кэргэнин балаһыанньатыттан тутулуга суох. Бу ылбыт сиригэр дьиэ туттарыгар Корпорация “Мой дом” диэн бэлэм пакет бэлэмнээтэ. Мантан биир бырайыагы талыаххын эрэ наада, атынын идэтийбит бэдэрээтчиттэр оҥоруохтара. Эһиги бэлэм дьиэҕэ киирэҕит эрэ. Уопсайынан, Уһук Илиҥҥэ бэйэҥ дьиэҕин туттаргар 100 млрд солк суумаҕа 18 тыһ. Уһук Илиҥҥи ипотека бэрилиннэ. Уһук Илин олохтоохторо чэпчэтиилээх кирэдьиити ылан, дьиэлэрин тутталлар, олохторун-дьаһахтарын тупсараллар.
“Уһук Илиҥҥи уонна Арктическай ипотека” бырагыраама 2030 сыл бүтүөр диэри үлэлиир. Кирэдьиити ылар усулуобуйаны КРДВ саайтыгар киирэн билсиэххитин сөп.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…