Уһук Илин уокуругун дьахталларын пуорум түмтэ

Уһук Илин уокуругун дьахталларын пуорум түмтэ

13.03.2024, 11:47
Бөлөххө киир:

Уһук Илин уокуругун  дьахталларын «Суолталаах кэпсэтии: дьахтар көрүүтэ» пуорумнара кулун тутар 12 күнүгэр саҕаланна.  

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн 400-тэн тахса дьахтар кыттыыны ылла.  Манна эрэгийиэннэрдээҕи уопсастыбаннай уонна волонтердар тэрилтэлэриттэн, биисинэс эйгэтиттэн, уопсастыба бары салааларыгар олоҕу хамсатар көхтөөх дьахталлар муһуннулар.  Болҕомто киининэн билиҥҥи уустук кэмҥэ дьахтар оруола, ийэ уонна оҕо өйөбүллэрэ, дьиэ кэргэҥҥэ уонна Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга сыһыан туһунан кэпсэтии буолла.

Пуорум Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ билэрбит Дьиэ кэргэн сылыгар ананна. Дьиэ кэргэн тутааҕынан ийэ буоларын быһыытынан үүнэр көлүөнэни иитиигэ, духуобунай сыаннаһы харыстааһыҥҥа дьахтар оруола сүҥкэн. Бу туһунан дьахталлар түмсэн кэпсэттилэр, бииргэ үлэлээһин хайысхаларын торумнаатылар. Уһук Илин уокуругар дьахталлар боппуруостарыгар ураты болҕомто ууруллар: «Уһук Илиҥҥи гектар», чэпчэтиилээх ипотека,  «1000 тиэргэн» бырагыраама уо.д.а.  Уһук Илин уокуруга Юрий Трутнев көҕүлээһининэн ыытыллыбыт бырайыактар судаарыстыбаттан өйөбүлү ылбыттара.

Пуоруму тэрийээччилэр — Уһук Илин РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин  аппараата, Уһук  Илини уонна Арктиканы  сайыннарыы министиэристибэтэ уонна «Социальнай көҕүлээһини сайыннарыы пуондата» НКО.

Пуорумҥа биир сүрүн боппуруоһунан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлү оҥорууга дьахталлар кыттыыларын туһунан кэпсэтии буолла.  Манна байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, уопсастыбаннай диэйэтэллэр, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, аһымал пуондаларын салайааччылара ыытыллар үлэ хайысхатын ырыттылар. Суруналыыс,  Daily Storm сурунаалы төрүттээччи «Женский фронт»  АНО хос бэрэссэдээтэлэ Анастасия Кашеварова «Дьоруойдар дойдулара: дьахтар көрүүтэ» сиэксийэҕэ байыаннай дьайыы кэмигэр сураҕа суох сүппүт буойуннары көрдөөһүн, төлөбүрү кэмигэр ылыы, байыаннай быраастар хамыыһыйаларын барыы, уйулҕа реабилитациятын барыы туһунан ырытта. “Кыһалҕаҕа ылларбыт дьахталлар ханна да бараллара суох буолан, үтүмэн харчыны төлөөн туран көрбүөччүлэргэ тиийэргэ күһэллэллэр”, — диэн бэлиэтээтэ суруналыыс.

Биир сомоҕонон үлэлиир туһунан «Защитники Отечества» эрэгийэннэри кытта үлэлиир судаарыстыбаннай пуонда управлениетын салайааччыта Мария Костюк эмиэ санаатын эттэ. Кини ордук уйулҕа кэһиллиитин бэлиэтээн туран, медицинскэй уонна клиническэй психологтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта үлэлиэхтээхтэрин ыйда.

Үгүс дьахтар санаатын истэн баран, Арассыыйа Дьоруойа Владислав Головин “байыаннай дьайыыга сылдьан эрэ баран, чугас дьоммут бэйэлэрин кыһалҕаларын санааларын-оноолорун истэригэр тута сылдьан санаарҕыылларын өйдөөтүм. Кинилэр маннык түгэҥҥэ өйөбүлгэ олус наадыйаллар. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттаргыт, кэргэттэргит, сиэннэргит  ааттарыттан күүстээх санаалаах дьоммутугар истиҥ махталбын тиэрдэбин” диэн  санаатын тиэрпитин пуорум кыттааччылара ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.

Сиэксийэ модератора, “Арассыыйа бүгүн” ааҕыныстыба толорооччу дириэктэрэ, РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир гражданскай уопсастыба сайдыытын уонна киһи быраабын Сэбиэтин чилиэнэ Кирилл Вышинскай: “Бүгүҥҥү күн дьоруойдарынан байыаннай дьайыыга сылдьар дьон эрэ буолбакка, бүгүҥҥү пуорум кыттыылаахтара – кинилэри өйүүр, кинилэргэ көмөлөһөр дьон эмиэ буолаллар”, —  диэн түмүктээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: