“Муус устар” ыччат бэстибээлин “Перспектива в познании!” хайысхатын иитинэн, өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаевка аналлаах “Кэлэр көлүөнэ педагога” Уһук Илиҥҥи дьыалабыай оонньуу буолуоҕа. Күн бүгүн Саха сирин 30 улууһуттан хамаандалар кытталларын биллэрдилэр, өссө икки хамаанданы хомуйа сылдьаллар.
Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, дьыалабыай оонньуу үөрэх систиэмэтин көдьүүстээх каадырынан хааччыйарга Уһук Илин федеральнай уокурук үөрэҕин тэрилтэлэрин эдэр педагогтарын сайыннарар уонна өйүүр хайысхалаах. Быйылгы оонньуу Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаевка ананар. Кыттааччылар бастакы бэрэсидьиэн быһаарбыт оҕону сайыннарар биэс сүрүн хайысхатынан көҕүлүүр бырайыактары оҥоруохтаахтар. Манна “үөрэх биэс китын” туһунан этиллэр – муусука, уруһуй, успуорт, тыл уонна саахымат. Кыайыылаах хамаанда 50 тыһ. солк. суумалаах харчынан бирииһи тутуоҕа, иккис миэстэ иһин – 30 тыһ., үһүс миэстэ иһин – 20 тыһ. солк.
“Хайысхалар чэрчилэринэн эдэр салайааччыларга, үөрэнээччилэргэ уонна устудьуоннарга, төрөппүттэргэ араас былаһааккалар үлэлиэхтэрэ, финансовай кырааматынаска уонна биисинэскэ туспа былаһаакканы тэрийиэхтэрэ. 2024 сыл Саха сиригэр Оҕо саас, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ, онон дьыалабыай оонньуу тиэмэтэ манна сөп түбэһэр. Итини сэргэ, биһиги былаһааккабытыгар Михаил Николаевка аналлаах быыстапка туруоҕа. Улуустар бастакы бэрэсидьиэн муниципальнай тэриллиигэ хаалларбыт суолун-ииһин арыйар видеонан матырыйааллары көрдөрүөхтэрэ” – диэн тэрийээччи, Саха сирин эдэр педагогтарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Максим Спиридонов этэр.
Дьыалабыай оонньуу чэрчитинэн ыҥырыылаах эспиэртэр кыттыылаах панельнай дискуссия, аныгы үөрэх стратегическай сиэссийэтэ буолуоҕа. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…